Кулун тутар 8 күнэ – бастакы сааскы бырааһынньык. Оҕо саадын иитиллээччитигэр, оскуола үөрэнээччитигэр бу күн кэрэ аҥардарга истиҥ сыһыаны, болҕомтону, убаастабыллаах сыһыаны, кинилэр көмүскүү, араҥаччылыы сылдьарга иитэр-үөрэтэр суолталаах.
Кустуур орто оскуолатын үөрэнээччилэрэ бу нэдиэлэ устата араас аахсыйаларга кыттыннылар, сорох аахсыйалары бэйэлэрэ тэрийэн ыыттылар. “Ийэ уонна кыыс” куонкуруһу бэлэмнээн, оскуолабытыгар үлэ күөстүү оргуйда. I-XI кылаас үөрэнээччилэрэ бары үөрэнэр кылаастарыгар кэрэ аҥардар күннэригэр анаан фотозона оҥорон, кэрэ аҥардарга сэмэй бэлэх туттаран, сарсыарда учууталлары сэмэй бэлэхтээх көрсөн аахсыйаларга көхтөөх кыттыыны ыллылар.
Нэһилиэкпит бочуоттаах кэрэ аҥардарын кытта көрсөн, кэпсэтэн элбэх саҥаны биллилэр. Нэдиэлэ устата ыытыллыбыт түмүктүүр тэрээһининэн “Ийэ уонна кыыс” куонкурус буолла. Куонкурус 5 түһүмэхтээх ыытылынна. Кыттааччылар бэйэлэрин билиһиннэрдилэр, открытка оҥордулар, сааскы муода көрдөрдүлэр. Кыттааччылар бары анал ааттарга тиксэн, илии тутуурдаах, өттүк харалаах бу киэһэни түмүктээтилэр. Тэрийээччилэр эппиттэрин курдук, кыттааччылар үөрэллэрин-көтөллөрүн көрөр улахан дьол!
Мин санаабар, маннык тэрээһиннэр мээнэҕэ ыытыллыбаттар. Хас биирдии тэрээһин сыаллаах-соруктаах. Кэрэ аҥардар күннэригэр анаан ыытыллыбыт тэрээһиннэр уол оҕо кыыска убаастабыллаахтык сыһыаннаһарын иитии буолар. Оттон кыргыттарга – кэрэҕэ тардыһыы.
Наум НАУМОВ, IX кылаас, Кустуур, Эбээн Бытантай