Мин үөрэҕи таһынан саамай сөбүлүүр дьарыгым – уруһуй эйгэтэ буолар. 2018 сылтан бу дьарыкпынан утумнаахтык ылсан саҕалаабытым. Кэлиҥҥи сылларга аныгы кэм хаамыытынан телефоҥҥа уруһуйдуурбун ордоробун.
Оҕолорго киэҕҥник тарҕаммыт ibisPaint X анал бырагырааманан үлүһүйэн уруһуйдуубун. Бу бырагыраама киһи бириэмэтин ылар, ол оннугар айар дьоҕургун уонна тулууру сайыннарар дии саныыбын. Бу манан сатабылбын хас күн аайы сайыннарабын уонна кэккэ ситиһиилээхпин.
![](https://keskil14.ru/wp-content/uploads/2023/01/529dd08f-7dd4-4414-9c48-d56ccbdbabe8-723x1024.jpg)
![](https://keskil14.ru/wp-content/uploads/2023/01/cdc84a43-9fb7-4255-81b6-71d83f880fce-723x1024.jpg)
![](https://keskil14.ru/wp-content/uploads/2023/01/5b802555-b1db-4de6-8c62-d50b1b6bbc8e-723x1024.jpg)
Уруһуйдуур иэйии хантан кэлэрий? Бу ыйытыыга эппиэттиир уустук, киһи тылынан кэпсээбэт диэххэ сөп. Тугу саныырбын, баҕа санааларбын уруһуй нөҥүө тиэрдэбин эрэ диэхпин сөп. Сороҕор, айылҕаҕа сылдьан, ханнык эрэ үөнү-көйүүрү сэргии көрдөхпүнэ, онтон иэйии киирэр. Ол үөнү мин уобарас гынаммын киһи гынан ойуулуубун.
![](https://keskil14.ru/wp-content/uploads/2023/01/7d7b9b0f-599c-413f-83b1-896585329be7-723x1024.jpg)
![](https://keskil14.ru/wp-content/uploads/2023/01/10348f4b-d347-4847-b2ac-496efc125d43-691x1024.jpg)
![](https://keskil14.ru/wp-content/uploads/2023/01/64c0308e-4d91-4149-9dca-54dc11fa452a-723x1024.jpg)
Бу дьарыгым миэхэ айар дьоҕурбун сайыннарар уонна маннык дьарыктанаммын мин сынньанабын.
Онон уруһуй — мин олоҕум суолтата, олоҕум аргыһа буолар.
Оҕолоор, күҥҥүтүн туһалаахтык атаарыҥ!
Айна АРГУНОВА, 8 кылаас үөрэнээччитэ,
«Дьоҕур» пресс-киин, Кэбээйи орто оскуолата.