Мин биир бэйэм оскуолаҕа үөрэнэ сылдьан саамай сөбүлүүр уруоктарбынан саха тыла уонна литературата этэ. Саха суруйааччыларын айымньыларын ааҕарым таһынан, нуучча классиктарын эмиэ сөбүлээн ааҕар этим. Онтон син балайда улаатан баран, орто сааспар хоһоон суруйарга холонон көрбүтүм. Биһиги 90-с көлүөнэ оҕолоро килбикпит, симикпит бэрт буолан, ити эйгэҕэ улаханнык арыллыбатахпыт даҕаны буолуо. Онтон билиҥҥи көлүөнэ оҕото, аныгы үйэ оҕото сахалыы хоһоону умсугуйан туран суруйан холоноро дуу? Бүгүн мин оҕолорго даҕаны, учууталларга даҕаны олус интэриэһинэй уонна талааннаах киһини кытары билиһиннэриэхпин уонна кэпсэтиим түмүгэр барыгытын көрсүһүүгэ ыҥырыахпын баҕарабын. Чэ, барытын саас-сааһынан…
Ол курдук, биһиги бүгүҥҥү ыалдьыппыт — куйаар ситимин нөҥүө арыллыбыт «Айар аартыкпыт аргыстара», «Спутники из мира поэзии» диэн суруйарга холонор эдэр ыччат, «Талаан түһүлгэтэ» диэн айар дьоҕурдаах дьон, «Ыллам ырыа аартыктара» диэн ырыа куттаах ыччат түмсүүлэрин салайааччыта, иккис нүөмэрдээх өрөспүүбүлүкэтээҕи балыыһа үлэһитэ, ХИФУ хотугулуу-илиҥҥи норуоттар тылларын уонна култуураларын үнүстүүтүн саха литературатын хаапыдыратын маҕыстыраана Диана Сутакова-Дайаана Куо. Кинини кытары кэпсэтиибитин бэйэтин туһунан билиһиннэрииттэн саҕалыыбыт.
— Ийэм, Фёкла Николаевна Иванова (Решетникова) дойдутугар, Ньурба улууһун Хатыытыгар күн сирин көрбүтүм, алын сүһүөх кылаастарга үөрэммитим. Онтон аҕам, Виктор Николаевич Иванов, төрөөбүт сиригэр, Ньурбачаан сэлиэнньэтигэр оскуоланы бүтэрбитим.
Амма улууһун Бөтүҥ нэһилиэгин 11 оҕолоох Дьоруой ийэ, үлэ бэтэрээнэ, Аграфена Егоровна Сутакова саамай кыра уолугар, Сутаков Михаил Юрьевичтыын икки оҕолоох Дьокуускай куорат олохтоохторобут. Уолум Дархан уон икки саастаах, физмат кылааска үөрэнэр. Кыыһым Юлиана биэс саастаах, уһуйааҥҥа сылдьар.
— Оскуола кэнниттэн ханна үөрэммиккиний?
— Хотугулуу-Илиҥҥи федеральнай университет саха тылын култууратын уонна тылын үнүстүүтүн культурология салаатын бүтэрэн, билигин саха литературатын маҕыстыраанабын.
— Поэзия эн олоххор суолтата тугуй?
— Поэзия абылаҥар алын кылааска үөрэнэ сылдьан, ырыа ыллыыр баҕаттан ылларбытым. Хатыыга олорор кэммэр бастакы учууталым Чой Сыному Алексеевна ааҕарга-суруйарга, суоттуурга үөрэппитэ уонна араас күрэстэргэ кыттарга көҕүлээбитэ. Онтон бэһис кылааска Лазарева Маргарита Александровна нуучча тылын уонна литературатын учуутала олус умсугутуулаахтык үөрэппитэ. Маны таһынан национальнай култуура учуутала Макарова Людмила Владимировна төрөөбүт тылга, култуураҕа, үгэскэ тапталы иҥэрбитэ. Ол кэннэ ийэм ыал буолан, Ньурбачааҥҥа көспүппүт. Саха тылыгар, литературатыгар уонна фольклор араас көрүҥнэригэр Прокопьева Варвара Григорьевна уһуйбута, нуучча тылыгар, литературатыгар уонна поэзияны таптыырга Иннокентьева Розалия Степановна угуйбута. Ону таһынан, таайым Потапов Дмитрий Корнилович уонна ырыа учуутала Серьгина Людмила Юрьевна ырыаҕа тапталы иҥэрбиттэрэ.
Онтон 2017 сыллаахха куйаар ситимин нөҥүө «Айар аартыкпыт аргыстара» түмсүүнү суруйарга холонор Саха Сирин ыччаты биир сомоҕо оҥороору тэрийиэхпиттэн саҕалаан, суруйар эйгэҕэ умсугуйан туран үлэлиибин.
— Бэйэҥ холобур оҥостор дьоннооххун дуо?
— Билигин киһи холобур оҥостуон сөптөөх дьоһун дьоно элбэх диэн олус үөрэбин. Аҥаардас, тэҥҥэ айар-тутар, бииргэ үлэлиир-үөрэнэр эйгэлэргэ да араардахха араас дьарыктаах, ураты талааннаах киһи кырыы-кырыытынан. Биир түмсүүгэ олорор доҕотторбуттан Чурапчыттан төрүттээх Наталья Иванованы күүстээх санаалаах туруу үлэһит быһыытынан холобур оҥостобун. Суруйар эйгэҕэ холобур оҥостор киһим Наталья Ивановна Харлампьева, наукаҕа — Варвара Борисовна Окорокова уо.д.а.
— Бииргэ үлэлиир доҕотторуҥ, биир санаалаахтарыҥ туһунан кэпсээ.
— Биһиги билигин «АйАрт» диэн Саха Өрөспүүбүлүкэтин общественнай айар түмсүүлэри көҕүлүүр тэрилтэ аатын сүктүбүт. Ол иһигэр, куйаар ситимин нөҥүө арыллыбыт «Айар аартыкпыт аргыстара», «Спутники из мира поэзии» диэн суруйарга холонор эдэр ычат, «Талаан түһүлгэтэ» диэн айар дьоҕурдаах дьон, «Ыллам ырыа аартыктара» диэн ырыа куттаах ыччат түмсүүлэрэ үлэлииллэр. Хас биирдии түмсүү анал салайааччылаах. «Айар аартыкпыт аргыстара» литературнай түмсүү салайааччылара Вера Прокопьева-Итэҕэл ютуб ханаалы көрөр, Ираида Коркина-Чугдаара «ВКонтакте» приложениеҕа матырыйаал таһаарар, Марика Кокорева-Күндү фейсбук сигэтин хонтуруоллуур, Мария Андреева уонна Мария Винокурова Инстаграмҥа үлэлии-хамсыы сылдьаллар. Онтон ватсап ситимигэр тэҥҥэ үлэлиибит. «Спутники из мира Поэзии» түмсүү салайааччылара Ольга Янцен ватсап ситимин истэр, Екатерина Кычкина ютуб ханаалы көрөр, Светлана Черкасова уонна Екатерина Иванова Инстаграм сирэйигэр үлэлииллэр. «Талаан түһүлгэтэ» түмсүүнү Анатолий Кириллин-Толикус ватсап ситимигэр салайар. «Ыллам ырыа аартыктара» түмсүү салайааччылара ватсап ситимигэр Виктор Игнатьев үлэлиир, Инна Донская-Дайаана уонна Елена Евсеева-Сарыал Инстаграм сирэйин тэҥинэн көрөллөр-истэллэр. «Айар аартыкпыт аргыстара» уонна «Спутники из мира поэзии» түмсүүлэрбитинэн икки хомуурунньуктаахпыт.
— Билигин саха оҕото сахалыы ыраастык саҥарбат, буолаары буолан төрөөбүт тылынан кыайан саҥарбат буолла. Манна эн тус санааҕын истиэхпин баҕарабын.
— Хомойуох иһин, ити кыһалҕа биһиги дьиэ кэргэни эмиэ тумнубатаҕа. Уолбун оскуолаҕа киллэрэрбэр, улуустан кэлбит буолан, сахалыы кылаас син биир арыллара саарбах диэбиттэрин иһин, нуучча кылааһыгар киллэрбитим. Онтон саха кылааһа арыллыбытын истэн баран көһөрөөрү гыммыппар, миэстэлэрэ суох диэннэр, биир сылы быһа саха оҕотун нууччалыы сөпкө саҥара, суруйа үөрэппиппит. Онтон иккис кылаас иккис чиэппэригэр уолбут сөбүлэҥин ылан, саха кылааһыгар көһөрбүппүт. Инньэ гынан, аны нэдиэлэ иһигэр саха тылын уонна литэрэтиирэтин кинигэлэриттэн икки тэтэрээти суруйтаран, үгүс айымньыны аахтаран, төрөөбүт тылын үөрэппиппит.
Онтон кыыспыт уһуннук уһуйаана чопчуламмакка, төлөпүөҥҥэ убанан, ютуб ханаалыттан үөрэнэн, нууччалыы эрэ саҥарар буолбута. Аны, судаарыстыбаннай уһуйааҥҥа нуучча эрэ бөлөҕөр миэстэ көстөн, нууччалыы ордук чобуотук саҥарар буолла. Билигин төһө да сахалыы бөлөххө сылдьыбытын иһин, төрөөбүт тылын өйдөөбүтүн иһин, сахалыы саҥарарын сүрэҕэлдьиир. Онон саҥарбыт тылын барытын сахалыы тылбаастаан иһэбин, араас оонньууга ханалытан үтүгүннэрэ сатыыбын уонна нэдиэлэҕэ, саатар, биир өрөбүлгэ төлөпүөнэ суох күн баар буоларын олохтуурга соруннубут. Бастакы нэдиэлэбит дьиэ кэргэнинэн тэҥҥэ ас астааһынтан, сахалыы кэпсэтииттэн саҕаламмыта.
— Оҕо кинигэни аахпат буолуута эмиэ баар. Манна болҕомто уурар эмиэ тоҕоостоох.
— Оҕону ааҕыыга уһуйар олус уустук. Бастатан туран, ааҕыан иннинэ төрөппүт бэйэтэ ааҕан иһитиннэрэн, оҕону ааҕыы эйгэтигэр умсугутуохтаах. Ону таһынан, сатаан ааҕа илик оҕо барытын хараҕынан уонна кулгааҕынан тулалыыр эйгэтин билэ үөрэнэрин өйдөөн туран, сахалыы остуоруйалары туруоран, мультиктары, араас сахалыы бырайыактары арыйан, төрөөбүт тылбыт сүүйтэрэр ситимнэригэр симиэххэ наада дии саныыбын эбэтэр төлөпүөн диэн тэрили туттарыа суохха сөп. Биллэн турар, дьиэ иһигэр сахалыы кэпсэтэр эйгэни кэспэккэ, төрөппүттэр оҕолоругар болҕомто уурар бириэмэлэрин элбэттэхтэринэ, ааҕан да, истэн да, көрөн да, төрүттэрбит курдук ойуулуур-дьүһүннүүр, барытын тыыннааҕымсытар дьоҕурдаах оҕо элбиэҕэ.
— Хоһоон суруйаргар хантан иэйии ылаҕыный? Тута суруйа охсоҕун дуу эбэтэр барыта кистэлэҥ иэйииттэн тахсар дуу?
— Тута суруйа сатыыбын, онтон ситэрбэтэхпинэ, кэлин салгыыбын. Иэйии киһи туруга күүркэйэр, өрө көтөҕүллэр эбэтэр хомойор кэмигэр үксүн киирэр.
— Хоһоон, кэпсээн айыах-суруйуох баҕалаах оҕолорго тугу сүбэлиэ этигиний?
— Айылҕаны кытта алтыһыҥ, төрөөбүт дойдугутун таптааҥ, төрүт тылгытын харыстааҥ уонна иллэҥ кэмҥитин ааҕыыга анааҥ. Суруйар санаа киирдэ да сурунан, билиэх толкуй тохтоото да бэлиэтэнэн иһиҥ. Аахпыттан суруйууга болҕомтону ууруҥ, бичиккэ киирбит айымньы умнуллубат.
— Уонна түмүккэ ыччакка, оҕолорго баҕа санааҥ.
— Куйаар ситимигэр куоппат-саспат дьоллоох оҕо сааһы, Интэриниэт эйгэтигэр киирэн сүппэт эрчимнээх эдэр сааһы баҕарабын! Өбүгэбит үгэһин тутуһан, өркөн өйүн өрө тутан, төрүттэрбит итэҕэллэрин, хомоҕой хоһооннорун, уус-уран тылларын, сахалыы саҥаларын сүөгэй курдук сымнаҕастык, үүт тэҥэ минньигэстик иҥэриниҥ! Дом! Дом! Дом!
— Алгыс баһа сыаланнын!
Үөһэ этэн аһарбытым курдук, ол курдук үтүө түгэн тосхойдо! Күндү доҕоттор, оҕолор, төрөппүттэр, учууталлар, эдэр ыччат! Аҕа дойдуну көмүскээччилэр күннэрин көрсө уонна Ааҕыы сылыгар туһуламмыт оҕолору ааҕар уонна суруйар эйгэни кытары билиһиннэрээри
куйаар нөҥүө тэриллибит «Айар аартыкпыт аргыстара», «Спутники из мира поэзии» диэн суруйарга холонор эдэр ыччат, «Талаан түһүлгэтэ» диэн айар дьоҕурдаах дьон, «Ыллам ырыа аартыктара» диэн ырыа куттаах ыччат түмсүүлэр кыттыылаахтара, Саха Өрөспүүбүлүкэтин общественнай айар түмсүүлэри көҕүлүүр «АйАрт» тэрилтэ чилиэннэрин кытары зуумунан көрсүһүүгэ ыҥырабыт.
Эһигини 2022 сыл олунньу ый 23 күнүгэр күнүс 16:00 чаастан уус-уран саха тылынан суруллубут хоһооннору, иэйиилээх ырыалары истиэххит уонна сэргэх кэпсэтиигэ кыттыһыаххыт диэн эрэнэбит!
Холбонор Zoom ссылка: https://us02web.zoom.us/j/86334432232?pwd=UkV6L1hvUzlJTmhpWEU3ZVhmNVFIUT09
Идентификатор конференции: 863 3443 2232
Код доступа: 368018
Буолар күнэ: олунньу 23 к. 2022 сыл күнүс 16:00 ч.
Ааҕар киһи — билиилээх, билиилээх киһи — сайдыылаах, сайдыылаах киһи — ситиһиилээх!
Кэпсэттэ Анна СЛЕПЦОВА.