Саха Өрөспүүбүлүкэтин бастакы Президенэ Михаил Николаев Россия судаарыстыбатын биир биллэр политическай деятелэ. Кини норуоттан тахсыбыт киһи. Ким да анаан-минээн политик буоларга үөрэппэтэҕэ. «Кэскил» хаһыакка политолог Николай Слепцов кини олоҕун суолун кэпсиир.
Сарсын — Өрөспүүбүлүкэ күнэ. Бастакы Президеммит Михаил Николаевич Ефимов өрөспүүбүлүкэ сайдыытыгар, норуот тирэхтээх буолуутугар сүҥкэн кылааттаах. Кини хайдах политика курдук уустук салааҕа үүнэн-сайдан тахсыбытай? Сэбиэскэй былаас кини үөрэнэригэр уонна сайдарыгар сөптөөх кыаҕы биэрбитэ бастакынан бэлиэтэниэхтээх.
Иккиһинэн, киниэхэ сүрүн үктэлинэн айылҕаттан бэриллибит киһилии хаачыстыбалара буолбуттара.
Үсүһүнэн, кини олоҕор тоҕоостоох кэм кэлбитэ буолар (нууччалар ону «судьба» дииллэр). Хайдах да буолбутун иһин, Михаил Ефимович уһулуччу дьоҕурдааҕын чорботон бэлиэтиибит.
Эппиэтинэс тиксиитэ
М.Е. Николаев саатар түөрт уһулуччу үтүөтүн бэлиэтиир наада. Кини былааска тахсар кэмигэр мин историческай наука кандитата, доцент, СГУ парткомун идеологияҕа сэкиритээрэ этим. Кини ол кэмнээҕи үлэтэ мин харахпар кытаанахтык хатаммыта. Оччотооҕу дойду үрэллэр, саҥа судаарыстыба атаҕар турар бириэмэтигэр сыыһалар-халтылар син баар этилэр.
Ол эрээри, М.Е. Николаев политикатыгар сүрүн хайысхалар саамай сөпкө быһаарыллыбыттара. Саха сирэ сайдыы саҥа үктэлигэр тахсыбыта. Саха сиригэр политическай, экономическай уонна духуобунай уларытыылары киллэриигэ саҥа, ордук кыахтаах былаас наада буолбута. Киин былаас сатарыйбыта, соҕотох салайбыт Коммунистическай партия сыыйа-баайа үрэллибитэ, уопсастыба тоталитарнай режимтэн демократияҕа сыҕарыйбыта. Ордук экономика уонна дьон олоҕун туруга эмсэҕэлээбиттэрэ.
Оччолорго, ким тугу гынарын үчүгэйдик билбэт кэмигэр М.Е.Николаев Саха сиригэр туох баар былааһы Президент дуоһунаһыгар түмэр быһаарыыны ылыммыта. Наадалаах саҥа сокуоннар, Саха Өрөспүүбүлүкэтин Конституцията, Саха АССР судаарыстыбаннай суверенитетын туһунан Декларация ылыныллыбыттара. Онон биһиги дойдубут саҥа статустаммыта уонна сайдар суолга киирбитэ.
Уларыйыылар
Россия Федерациятын тэрийиигэ, Федеративнай Дуогабары оҥорон, онно илии баттааһыҥҥа кини бастыҥҥар истэригэр сылдьыбыта. Саха сиригэр парламент тэриллибитэ, Сэбиэттэр оннуларыгар норуотунан быыбардаммыт олохтоох былаастар үөскээбиттэрэ.
Экономика сайдыытыгар промышленность тэрилтэлэрин (алмаас, көмүс, таас чох, ньиэп, гаас) уларыта тутуу ыытыллыыта саамай сөптөөх миэрэ буолбута. Ордук колхуостар уонна сопхуостар эстиилэрин саҕана тыа хаһаайыстыбатын үрэллииттэн быыһаабыта.
М.Е. Николаев култуура, медицина, үөрэхтээһин, спорт, искусство, наука сайдыытыгар наадалаах уларытыылары сатаан тэрийэн ыыппыта. Бэчээт үлэтэ эмиэ умнууга хаалбатаҕа. «Кэскил» уонна «Юность Севера» хаһыаттар тэриллиилэригэр, үбүлээһиннэригэр көмөлөспүтэ. Ити бириэмэҕэ Россия субъектарыгар оҕолорго аналлаах хаһыаттар бары кэриэтэ сабыллыбыттара. Оттон биһиэхэ манна 16 балаһаҕа тиийэ улааппыттара.
Өлбөт-сүппэт үтүөлээхтэр
Ыраахтааҕы былааһын Саха сиригэр суулларыыга, Сэбиэскэй былааһы тэрийиигэ, автономнай өрөспүүбүлүкэни тэрийиигэ, гражданскай сэриигэ өстөөхтөрү кыайыыга, саҥа олоҕу сайыннарыыга биһиги чаҕылхай уолаттарбыт Максим Аммосов уонна Платон Ойуунускай-Слепцов, кинилэр доҕотторо, биир санаалаахтара өлбөт-сүппэт үтүөлээхтэр.
Ааптар: Николай Слепцов, политолог.