Нерюнгри куоракка ыытыллыбыт XVlll Олоҥхо Ыһыаҕа түмүктэннэ. Кыайылаахтары биллэрэр чаас үүннэ. Өрөспүүбүлүкэ араас улуустарыттан 1000 тахса кыттааччы бэйэтин кыаҕын көрдөрө мустубут. Ол курдук:
Хомус түһүлгэтин кыайылааҕа буолла Бүлүү улууһун бэрэстэбиитилэ Айаал Дмитриев. Кыайыылаахха үрүҥ көмүс хомус биэрдилэр.
Олоҥхо түһүлгэтин кыайылааҕа буолла Мэҥэ — Хаҥалас улууһун олохтооҕо Станислав Иванов, кыайылаахха 300 тыһынча солкуобайдаах сертификат туттардылар.
Оһуохай түһүлгэтин кыайыылааҕынан таҕыста Ньурба улууһун олохтооҕо Розалия Тихонова, киниэхэ 100 тыһынча солкуобайга сертификат туттардылар.
Бүтэһигэр кыайылаахтары кытта сиэттиһэн көрөөччүлэр оһуохай толордулар.
Афанасий КАНАЕВ, Таатта лиссиэйин 11 кылааһын үөрэнээччитэ