Ийэлээх аҕам кыбартыыра атыылаһан, куоракка көһөн киирдибит. Биир хостоох, кыра куукуналаах. “Хрущевка” диэн ааттыыллар. Сураҕа, биһиги иннибитинэ соҕотох эмээхсин олорбут үһү.
“Саҥа” дьиэбит эргэ баҕайы эбит. Былыргы обуойдар, кыычыгырыы сылдьар мас муоста, эргэ түннүк уонна урукку хаһаайкаттан хаалбыт хартыына. Тоҕо эрэ ону көрөммүн этим тымныйда.
Омос көрдөххө, мэҥэ халлааҥҥа үрүҥ баттахтаах, бытыктаах Айыы олорор. Чугастан көрбүтүм… кырдьаҕас баҕайы, тоҕо эрэ кыһыллыҥы харахтардаах оҕонньор эбит…
Дьикти
Ийэм үүнээйилэри сөбүлүүр буолан, урукку дьиэбититтэн сибэккилэрин илдьэ кэлбитэ. Биир нэдиэлэ буолаат, олорбут хагдарыйан киирэн барбыттара. Оннооҕор туохха да кыһаммат кактуспут саһаран баран, өлөн хаалбыта. Чэ, баҕар, дьиэ итиититтэн буолуо дии санаабыппыт. Киэһэлик уруок ааҕа олордохпуна, түннүгүм аана тэлэччи арылла түстэ. Куһаҕаннык сабыллыбыта буолуо диэтилэр. Ол кэнниттэн бары бииргэ киинэ көрө олордохпутуна, аны бааннайбытыгар тыас-уус бөҕө буолла. Сүүрэн киирбиппит… тула уурбут суунар тэриллэрбит барыта ким эрэ тарыйбытын курдук, бааннай иһигэр ыһылла сыталлар.
Малааһын
Саҥа кыбартыыраҕа көспүт дьон быһыытынан, малааһын тэрийдибит. Аймахтарбытын ыҥырдыбыт. Кырдьаҕас эдьиийбит илиитигэр туох эрэ икки уһун синньигэс тимирдэри тутан киирдэ уонна дьиэ устун хаамыталаата. Онтон өйдөөтүм: экстрасенстар биэриилэригэр манныгы тутталлар. Бу икки тимир ханна эрэ кэлэн холбостоҕуна – онно туох эрэ киһи хараҕар көстүбэт баара биллэр. Куукунаҕа киирэн биир муннукка чугаһаабытыгар, ол тимирдэрэ холбоһон хааллылар!
– Манна туох эрэ ньэгир (энергия) баар. Дьиэҕитин ыраастатыаххытын наада, – диэтэ…
«Куоска»
Хас да ый ааста. Олорбуппут курдук олордубут. Дьиэ ыраастыыр туһунан умнан кэбистибит. Биир өрөбүл күн төрөппүттэрим балтыбын илдьэ ыалдьыттыы бардылар. Мин күнүс утуйан баран, маҕаһыын кэрийиэхтээх этим.
Сытан эрэ иһиттэхпинэ, таһырдьа түннүк нөҥүө туох эрэ тыаһыыр. Ыалбыт куоскалара болкуонунан кэлэн, түннүкпүт аттыгар тыҥыраҕын сытыылыы турарын курдук. Ол тыас өр буолбата, аны сүтэн хаалла. Онтон… тоҕо эрэ аны дьиэм иһигэр тыаһаата. Түннүгүм аттыгар тыҥырах тыаһа иһилиннэ… Ол кэнниттэн, тыас эмиэ тохтоон ылан баран… түннүктэн туох эрэ мин үрдүбүнэн, сыттыкпар ыстанна. Кутталбыттан сүрэҕим айахпынан тахса сыста. Хайдах быыһанабын? Тугу гынабын? Төбөм иһигэр ыйытык бөҕө үөскээтэ. Уоскуйа түһэн баран, илиибин кэнним диэки бырахтым уонна “Бар!” – диэн хаһыытаатым. Көрбүтүм – туох да суох…
Кыра оҕо хараҕынан…
Биир саастаах балтылаахпын. Мэниктиирин, сасыһа оонньуурун сөбүлүүр. Үчүгэйдик саҥара илик. Биир сарсыарда төрөппүттэрбит ханна эрэ бардылар, оттон миэхэ сынньалаҥ күннэр буолан, төлөпүөммүн тутан баран сыттым. Балтым сыыллан, дьыбаан диэки тиийбит. Күлэрэ иһиллэр. Өҥөйөн көрбүтүм… дьыбаан ойоҕоһугар саһар уонна куукуна диэки өҥөҥнүү-өҥөҥнүү күлэр. Кимниин эрэ сасыһа оонньуур… Дьиэбитигэр биһигиттэн ураты ким да суох буолан, олус куттанным. Балтыбын көтөҕөн, ороммор таһаардым. Арай куукунаҕа ньуоска түһэрэ иһилиннэ. Уонна эмээхсин саҥата:
– Оо, мииннэрин испэтэхтэр, –диэтэ. Онтон бытааннык, ыараханнык, атаҕын соһон хаамар тыаһа иһилиннэ. Сытар ороммутугар чугаһаан баран, тохтоон хаалла… Маны истэн баран, сүрэҕим айахпынан тахса сыста!.. Хаста да дьиэбиттэн ойон тахсыахпын санаатым. Туох баар баттаҕым барыта турда быһыылаах. Киэһэ ийэлээх аҕабар кэпсээбиппэр итэҕэйбэтилэр…
Ол курдук кыра-кыралаан тыастары мин эрэ истэр буоллум. Төрөппүттэрим улаханнык кыһамматахтара. Оттон мин үөрэнэн хааллым… Арай биир түүн уоппутун арааран, утуйаары сыттыбыт. Балтым оронугар туран, аан сиэркилэтин көрө-көрө, тугу эрэ лэбэйдиир. Өйдөөн көрбүтүм – ийэм били хартыынаны хоспутуттан киирэр аан диэки ыйаабыта көстөр. Оҕонньор кыһыл харахтара биһигини кэтээн көрөр курдук… Онтон балтым cаҥа аллайда: “Өлөрдө”… Төрөппүттэрим хамсаабакка сыталлар… Оттон ийэм аҕабыттан ыйытар:
– Ааҥҥын хатаабытыҥ дуо?
– Хатаабытым… – диэн баран, аҕам туран, аан диэки хаамта.
Кырдьык, ону баара, ааммыт хатаммакка турбут… Онтон ол түүн таһынааҕы көрүдүөрбүтүгэр айдаан тахсыбыта. Ким эрэ түүн ааннары тоҥсуйа сылдьыбыт үһү…
Бу кэнниттэн, дьэ, төрөппүттэрим миигин итэҕэйдилэр. Онтон ол дьиэбитин атыылаан, атын дьэ дьиҥнээх саҥа дьиэҕэ көспүппүт…
Туох эбитэ буолла? Аан бастаан куттанар курдук этим, оттон билигин санаатахпына… Кэлиэхпититтэн ыла баарын биллэрэ сатаабыт, онтон балтыбын кытта оонньообут, «миин испэтэхтэр» диэн долгуйбут уонна куһаҕантан быыһаабыт… Баҕар, онно урут олоро сылдьыбыт эмээхсин кута хаалбыта буолуо дуу… Таҥаралаабыт күлүгэ моһуоктанара эбитэ дуу…
Ааптар: Айаана Третьякова
Николай Гольдеров уруһуйа