Атырдьах ыйын 7 күнүгэр мин Владивостокка Большой Камень диэн сиргэ «Алые Паруса» лааҕырга көппүтүм. Барыта 47 оҕо 3 баһаатайдаах барбыппыт. Лааҕырбытыгар икки сүүстэн тахса этибит уонна сэттэ этэрээт буолбуппут: Санки, Интернет, Күн, Кыахтар, Репрезент, Кустук уонна Эчган. 3 нэдиэлэ устата лааҕырга сынньаммыппыт.
Бастаан кэлбиппитигэр, ардахтаах күннэр этилэр, ол иһин сөтүөлүү барбат этибит. Онтон биир нэдиэлэ курдук буолан баран күннээх күннэр турбуттарыгар, күҥҥэ биирдэ-иккитэ сөтүөлүүр буолбуппут. Күһүн буолан уута сөрүүн этэ, сөбүлээбитим диэн долгуннара уонна араас хаамыскалар, таастар бааллара.
Лааҕырбытыгар наһаа үчүгэйдик аһатар этилэр, күн аайы араас атын-атын минньигэс аһылык. Сарсыарда эрдэ туран сэрээккэлиибит, онтон хомунан баран тэрээһиннэргэ, оонньууларга кытта барааччыбыт. Мин бэйэм «Санки» диэн этэрээккэ киирбитим. Онно 13 этибит. Бары Саха Сирин араас улуустарыттан кэлбиттэр, ол курдук: Эльза, Валерия, уонна Алина, этэрээппит хамандыыра, Ньурба улууһуттан сылдьаллар; Лена уонна Женя Өлүөхүмэттэн; Мин, Вика уонна Сайыына Мэҥэ-Хаҥаластан; Русланалаах Сахая Сунтаартан; Максим, Айтал, Валя Дьокуускай куораттан.
Оҕолору барыларын кытта чугастык доҕордостум. Бары бииргэ тахсан волейболлааччыбыт уонна кэпсэтэ-кэпсэтэ олорооччубут. Атын этэрээт оҕолорун кытта эмиэ билсибитим. Баһаатайдарбыт бары наһаа үчүгэйдэр этэ, оҕолору кытта кэпсэтэллэр, өйүүллэр уонна наар көмөлөһөллөр. Биһиги баһаатайбыт аата Александр Сидорович Окоемов. Кини үчүгэйдик ыллыыр уонна үҥкүүлүүр. 3 этэрээт буолан, Владивостокка океанариумҥа уонна дельфинарийга барбыппыт. Онно дельфиннары уонна белухалары көрөн астыммыппыт. Оҕолор бары бэйэ-бэйэбитин кытта чугастык доҕордоһон, лааҕырбыт смената бүтүүтүгэр буолар күнүгэр ытаспыппыт.
«Алые Паруса» лааҕыр миэхэ саамай үчүгэй лааҕыр буолла, элбэх доҕордоннум уонна наһаа үчүгэйдик сынньанным.
Азиза КОПЫРИНА,
10 кылаас үөрэнээччитэ, «Проба пера» эдкора, Чыамайыкы, Мэҥэ-Хаҥалас.