Олунньу 11 күнүгэр Хаҥалас улууһун Покровскай куоратыгар «Ытык Чыыбыстаан» диэн саха фольклорун көрүҥнэрин арааһын толорууга аһаҕас күрэхтэһии буолан ааста. Манна Ньурба оройуонуттан Маар нэһилиэгин «Дьөҥкүүдэ кыталыктара» оҕо фольклорнай ансаамбыла кыттыыны ыллыбыт.
Уһуннук айаннаан, тэринэн-бэринэн бу тэрээһиҥҥэ кыттаммыт оҕолор бары ситиһиилэннибит. Ол курдук, кыргыттар бары даҕаны 1, 2, 3 үрдэллэри ыллылар. Онтон ансаамбылынан тойук уонна чабырҕах толоруутутугар 1 үрдэллэри ыллыбыт.
Мин эмиэ илии тутуурдаах кэллим: тойук толоруутугар — 3 үрдэли, оһуохай этиитигэр — 2 үрдэли ыллым. Оһуохай күрэхтэһиитэ эмиэ олус интэриэһинэйдик ааста. Элбэх улуустартан кэлбит оҕолор бэйэлэрин оһуохайдарын тылын эттилэр. Мин бүлүүлүү, таатталыы уонна һээдьэ оһуохайдары сэҥээрдим.
Бу курдук Покровскай куорат «Саргы түһүлгэтэ» уораҕайыгар «Ытык Чыыбыстаан» фольклорнай тэрээһин бэркэ ыытылынна. Кэнэҕэски кэнчээри ыччаты саха төрүт уус-уран айымньыларын көрүҥнэригэр угуйар сыаллаах, саха тылын-өһүн ыччакка тарҕатар санаалаах бэртээхэй куонкурус буолан ааста. Онтон биһиги, дьөҥкүүдэлэр, өрүү даҕаны кыттыһан иһиэхпит.
Анжелина Жданова, «Ыллык» эдкорпост, Ньурба, Хаҥалас.