Халлааммыт тымныытынан уһун кэмҥэ силбиэтэннэр да оскуола үлэтэ тохтообот. Улахан кылаас үөрэнээччилэрэ толору үөрэннибит, араас тэрээһиннэргэ кытынныбыт.
Өй үлэтин сайыннарар саахымат, шашка күрэхтэрэ оскуолабытыгар сыллата ыытыллар. Саахымат быйылгы күрэҕэ оскуоланы бүтэрбит, урут биһиги оскуолабытыгар үлэлээбит, билигин Баатаҕай оскуолатыгар алын кылаас учууталынан ситиһиилээхтик үлэлии сылдьар Анна Стручкова бирииһигэр ыытылынна.
Анна Николаевна Саха сирин үөрэҕириитин туйгуна, Россия уйулҕа үөрэҕин үөрэтэр ассоциацияларын чилиэнэ, саахыматы улуус оҕолоругар үөрэтэр киһилэртэн биирдэстэрэ. Кини аатынан турнир Баатаҕай оскуолатыгар сыллата ыытыллар. Саахыматы сөбүлүүр оҕолор бу турнирга күөн көрүстүлэр, уопсайа 20 кыттааччыттан кыргыттарга Амелия Другина, орто кылаас уолаттарыгар Георгий Саввинов, улахан кылаас уолаттарыгар Аммос Слепцов бастаатылар.
Естественно математическай хайысхалаах предметтар нэдиэлэлэрэ түмүктэннэ. Нэдиэлэ устата олимпиадалар, араас хабааннаах тургутуктар, шашкаҕа күрэх, опыт оҥоруута “Точка роста” иһинэн ыытылыннылар.
Онуоха халлааммыт тымныыта улахан харгыһы үөскэттэ. Ол да буоллар олунньу 1 күнүгэр алын кылаас оҕолоругар “Эйгэбин чинчийэбин”; 5-6 кылаастарга “Робофутбол”; 7-11 кылаастарга “Интеллектуальный марафон” буолла.
Оскуолабытын бары наһаа таптыыбыт, сөбүлээн үөрэнэбит. Биһиги элбэҕи билэрбитигэр араас усулуобуйа барыта баар.
Тэттик сонуннары тистим Илларион Старостин,
“Аартык” эдкора.
Арыылаах, Дьааҥы.