Кэбээйигэ тохсунньу ый 29 күнүгэр түөлбэлэр икки ардыларынааҕы дуобат күрэҕэ буолла.
Күрэх түмүгүнэн «Сарыал» түөлбэ кыайыыны ситистэ.
Саха норуота былыр кыһыҥҥы уһун киэһэлэри олоҥхолоон, таабырыннаһан, оонньоон кылгатара. Билигин дьиэ иһигэр олорон, улаханныын кыралыын түмсэн сахалар төрүт оонньуубутун дуобаты оонньуохха сөп. Маныаха оҕо толкуйдуур дьоҕура, өйө эрэ сайдыбакка, дьиэ кэргэн иһигэр түмсүүлээх, эйэлээх буолуу үгэстэрин эмиэ сайыннарыахха сөп.
Ол курдук, Кэбээйи нэһилиэгин эдэр ыччатын түмсүүтэ уонна нэһилиэккэ дуобаты көҕүлээччи А.С. Заровняев тэрийиилэринэн түөлбэлэр икки ардыларыгар олус тыҥааһыннаах күрэх буолан ааста. Күрэххэ үс түөлбэттэр оскуола оҕолоро, улахан дьон, бэл диэтэр аҕам саастаах бэтэрээннэрбит кыттыыны ыллылар.
Кыттааччылар этэллэринэн, түөлбэ аайы күүстээх оонньооччулар киирсэннэр, күрэх өссө интэриэһинэй буолбут. Түмүккэ, 1 миэстэ – “Сарыал”, 2 миэстэ – «Тайылаахы”, 3 миэстэ – “Сайдам” түөлбэлэр буоллулар, грамотанан, сэмэй бэлэҕинэн наҕараадаланнылар.
Салгыы олохтоохтору теннис көрүҥэ күүтэр. Инникитин даҕаны олохтоохтор чөл куттаах, барыга бары көхтөөх буола турдуннар!
Дуолан Павлов, 6 кылаас,
«Дьоҕур» пресс-киин, Кэбээйи орто оскуолата.