Бүлүү улууhун Баппаҕаайы оскуолатыгар сыл аайы «Күһүҥҥү бырааhынньык» ыытыллан, оҕо-аймах интэриэһин тардар. Бу туһунан «Кѳмүс бѳрүѳ» пост салайааччыта Людмила Тарасова кэпсиир.
Биhиги оскуолабытыгар күһүн аайы кѳтүппэккэ «Күһүҥҥү бырааhынньык» тэриллэр. Сылын ахсын куонкурустара уларыйар, сонун буолар. Быйылгы бырааhынньыкпытыгар «Күһүҥҥү композиция» карвинг (фрукта, оҕуруот астарыттан оҥоруу) уонна анал номинациялар күрэхтэрэ буолла.
Worldskills ньыматынан «Поварское дело» компетенцияҕа мини-чемпионат ыытылынна. Манна биирдии кылаастан иккилии оҕо кытынна. Бары анал формалаахтар, астыыр астарын бородууктатын илдьэ кэлэн, 40 мүнүүтэ иhигэр ас астаан бэлэмниэхтээхтэр. Хамаандалар ким салаат, ким торт, бутерброд, канапе арааhын астаан, дьүүллүүр сүбэҕэ кэпсээн, кѳмүскээтилэр. Астаабыт астарынан оҕолору, учууталлары күндүлээтилэр. Бу күрэххэ IV, V, XI кылаастар бастыҥ асчыт буолалларын туоһулаатылар.
Оскуола оҕолоро бары саастарынан 4 этэрээттэргэ арахсаллар. Этэрээттэр «Күһүҥҥү кэм» тиэмэлээх фотозоналары оҥорууга күрэхтэстилэр. Манна «Сарыал» этэрээт бастаата.
Саамай маассабай кыттыылаах ас атыытын дьаарбаҥката буолла. Кылаастар бурдук, оҕуруот, сир аhын астарын астаан аҕалбыттарын атыылаан, кылаастарыгар, бэйэлэригэр харчы киллэриннилэр.
Куонкурустар сүһүѳхтэринэн сыаналаннылар, ол түмүктэринэн карвинг күрэҕэр кыайыылаахтарынан алын кылаастарга Антонов Сандал, Оконешникова Регина, Матвеев Айсиэн (III кылаастар), ортолорго V, үрдүкүлэргэ IX кылаастар буоллулар.
Анал номинацияларын бэлиэтэннилэр: «Саамай дьикти оҕуруот аhа» — игирэ кабачоктары аҕалбыт Николаев Айтал (II кылаас), «Саамай улахан оҕуруот аhа» — Матвеева Айта –Куо (IV кылаас), «Оҕуруот аhыттан саамай кыраhыабай оҥоhук» — Васильева Лейла (IV кылаас).
Оҕолор атыыттан харчы киллэрэн, күрэхтэргэ кыттан, ас арааhыттан амсайан, күннэрин сэргэхтик атааран, бу тэрээhини олус астыннылар.