Уһулуччулаах судаарыстыбаннай уонна политическай деятель, Сибииргэ Сэбиэскэй былааһы олохтуур иһин охсуһуу кыттыылааҕа, киэн туттар киһибит Максим Кирович Аммосов 125 сылыгар аналлаах норуоттар икки ардыларынааҕы «Аммосов ааҕыылара» бу дьыл сэтинньи 1 күнүттэн ахсынньы 15-гэр диэри ыытыллар.
Тэрийээччилэр — СӨ Үөрэҕин уонна наукатын министиэристибэтэ, СӨ тас сибээскэ уонна норуоттар дьыалаларыгар министиэристибэтэ, Нам улууһун дьаһалтата уонна СӨ Ил Дарханын уонна Бырабыыталыстыбатын дьаһалтатын тэрийэр хамыыһыйата.
Кыттааччылар уһуйаан иитиллээччилэрэ уонна 1-11 кылаас үөрэнээччилэрэ. Аммосов ааҕыыларын балаһыанньатын манна көрүҥ: Положение
Сайаапкалары балаҕан ыйын 30 күнүгэр дылы күүтэллэр. Сайаапканы тэҥэ тезиһы уонна долклады ammosov125@yandex.ru.\ электроннай почтаҕа күүтэллэр.
Норуоттар икки ардыларынааҕы Максим Аммосов 125 сылыгар аналлаах «Аммосов ааҕыылара» Киргизия уонна Казахстан өрөспүүбүлүкэлэрин кытары доҕордуу сыһыан бөҕөргүүрүгэр олук уурар.
keskil14.ru