Абый улууһун В.Н. Дохунаев аатынан Муҥурдаах орто оскуолатын 11 кылааһын үөрэнээччитэ Арсен Стручков сахалыы музыкальнай үнүстүрүмүөннэри оҥоруунан дьарыктанар. Бу туһунан улуус дьаһалтатын пресс-сулууспата иһитиннэрэр.
Быйыл үөрэнээччи өрөспүүбүлүкэтээҕи «Инникигэ хардыы» научнай-практическай кэнпириэнсийэҕэ «Создание якутских музыкальных инструментов» үлэтинэн кыттан III истиэпэннээх дипломант буолла.
Арсен Стручковка бу тиэмэни ыларга салайааччыта сүбэлээбит. Уол интириэһиргээн, сахалыы музыкальнай үнүстүрүмүөннэри оҥорор буолбут. Музыкальнай тэрили оҥорорго матырыйаалы булар ыарахан. Онон сибээстээн Арсен эрдэттэн сайыҥҥы сынньалаҥ кэмигэр бэлэмниир буолбут. Үнүстүрүмүөн оҥорорго хомус оҥорор, уус, биир дойдулааҕа Виктор Новиков элбэх сүбэ-ама биэрбит, көмөлөспүт.
«Быйыл оскуоланы бүтэрэр сылым, онон НПК-ҕа бүтэһик кыттыым. Бу тиэмэнэн атын ким эмэ салҕыы үлэлээн, «Элгэс эрэллэрэ» фольклор ансаамбылыгар көмөлөһүө этэ диэн баҕа санаалаахпын», — диэн Арсен Стручков этэр.