Оччолорго алтыска үөрэнэбин. Кылааһым хас да оҕото интэринээккэ олорор. Интэринээппит дьиэтэ эргэ эрээри, хата, сылаас уонна асчыттара үчүгэйэ бэрт буолан, оҕолор өрүү тот сылдьаллар. Кинилэр сотору-сотору бэрэски, алаадьы сиэбиттэрин кэпсииллэр. Онтон биир сарсыарда отой атын кэпсээннээх кэл лилэр.
Бэҕэһээ киэһэ улахан оҕолор таҥхалаан, бүлүүһэ сүүрдүбүттэр үһү. Мин дьонум көрөөччү, сэргээччи эрэ буолбуттар. Арай ортолоон эрдэхтэринэ, дьиэлэрин аана кыыкынаан аһыллыбыт. Сахалыы оһуор ойуулаах сонноох эдэр кыыс киирэн кэлбит. Оҕолор хаһан да көрбөтөх кыыстара киирби титтэн соһуйан, саҥата суох олорбуттар. Арай кыыстара: “Хайа, тоҕо саҥарбаккыт? Сибили гин аҕай миигин ыҥырбатаххыт дуо?” – диэбит. Интэринээт оҕолоро олус соһуйбуттар, куттаммыттар. Остуол үрдүгэр тэлгэппит сээкэйдэрин туора соппуттар, сорохторо хосторугар куоппуттар. Оттон кыыстара ханна да барбыта биллибэккэ, ол курдук симэлийэн хаалбыт. Саатар били кыыкыныыр ааннара тыаһаабатах. Ол түүн улаханнык кэтэнэн утуйбуттар, ким да биллибэтэх.
Сарсыарда оскуолаҕа кэлэн кэпсээн, сүпсүлгэн бөҕө буолбута. Учууталлар кытта истибиттэрэ. Аны төрөппүт мунньаҕар кытта боппуруос туруорбуттар этэ. “Интэринээккэ оҕобутун биэрбэппит” диэн. Интэринээт дьиэтигэр субуотунньук, сууйуу-сотуу бөҕө буолбута. Били кыыс биллибэтэҕэ. Интэринээт оҕолоро үөрэнэ сылдьыбыттара, барыта үчүгэй буолбута.
Ыам ыйын сырдык-ыраас күннэрэ. Үөрэх дьыла түмүктэнэрэ чугаһаан, оҕо барыта уруогун кытаатар. Учууталлар даҕаны ирдэбиллэрэ сүрдээх. Мин дьиэтээҕи үлэбин толорорго сүбэлэтээри интэринээккэ олорор табаарыспар бардым. Арай интэринээт дьиэтин кэннинэн чугаһаан иһэн, өйдөөн көрбүтүм, сахалыы таҥастаах кыыс миигин ортоку түннүгүнэн көрөн аҕай турар эбит! Өссө тарбаҕынан ыҥырар курдук. Хаһан даҕаны көрбөтөх кыыһым, аны оччолорго сахалыы таҥаһы мээнэ кэтии суох. Биир эмэ кэнсиэргэ эҥин эрэ кэтээччилэр. Дьиктиргиэх курдук буолан иһэн, били бүлүүһэ сүүрдэллэригэр оҕолор көрбүт кыыстарын саныы биэрдим. Куттанан, салыбырас буоллум. Интэринээккэ киирбэккэ, атын уулуссаҕа халыйан, дьиэбэр кэллим. Сарсыныгар табаарыспыттан ыйыттым, ортоку түннүк таһыгар сахалыы таҥастаах ким турбутун. Ону баара, бүтүн интэринээт үрдүнэн сахалыы таҥастаах кыыс да, уол да суох үһү!
ХХ үйэ бүтүүтэ интэринээт дьиэтин көтүрбүттэрэ. Ыскылааттаах этэ. Онто, турбахтыы түһэн баран, умайан хаалбыта. Онтон ыла бу сүүрбэччэ сыл тухары киһи соһуйар, дьиктиргиир түгэнигэр ким да түбэһэ илик.
Петр Ноговицын, Арыктаах, Кэбээйи.