“Кэскил” медиа оскуола юнкора буоламмын, быйыл дойдубар Аммаҕа ыытыллыбыт Олоҥхо ыһыаҕын сырдатыытыгар үс күн үлэлээтим.
Саха өрөспүүбүлүкэтин Ил Дарханын Айсен Сергеевич Николаевы кытта көрсөн интервью ылбытым олоҕум биир саамай умнуллубат түгэнэ буолла. https://t.me/keskil_media2020/11295
Мин Айсен Сергеевичтан кини оҕо сааһа олоҥхону кытта туох ситимнээҕин туһунан ыйыттым. Мин ыйытыыбар Айсен Сергеевич ис сүрэҕиттэн үөрэн туран хоруйдаата. Тоҕо диэтэххэ, кини оҕо сааһа олоҥхону кытта ыкса ситимнээх эбит.
– Мин эһэм Титаров Андрей Титович Саха сирин биир биллиилээх олоҥхоһута. Ол иһин кыра эрдэхпиттэн олоҥхо эйгэтэ, ыһыах эйгэтэ, оһуохай эйгэтэ миэхэ олус чугас, – диэн оҕо сааһын туһунан ахтан-санаан ааста.
Ил Дарханы кытта кэпсэтэн баран, мин элбэҕи толкуйдаатым. Кини биһиги өрөспүүбүлүкэбитин салайар киһи буолан тахсарыгар оҕо эрдэҕиттэн эһэтин олоҥхотун истэн улааппыта улаханнык көмөлөспүт. Саха олоҥхото оҕо үүнэн-сайдан тахсарыгар улахан туһалаах эбит. Мин ону Ил Дархаммыт Айсен Сергеевич Николаев оҕо сааһын холобуруттан биллим.
Эрчим НИКОЛАЕВ, VIII кылаас,
В.М. Новиков-Күннүк Уурастыырап аатынан Эмис орто оскуолата, Амма
Видеоҕа уһуллулар, хаартыскаҕа түһэрдилэр:
Гаврил Прокопьев, А.С. Шахурдин аатынан Төҥүлү орто оскуолата, Мэҥэ Хаҥалас;
Изольда Харлампьева, А.П. Илларионов аатынан Хайахсыт орто оскуолата, Чурапчы;
Роберт Веревкин, П.И. Караканов аатынан Мээндиги орто оскуолата, Амма