Саха Өрөспүүбүлүкэтин А.Е.Кулаковскай- Өксөкүлээх Өлөксөй аатынан Судаарыстыбаннай бириэмийэ лауреата, Хомус Аан дойдутааҕы түмэлин уонна киинин төрүттээччитэ, Президенэ, Тыл билимин дуоктара, ХИФУ бэрэпиэссэрэ Алексеев Иван Егорович — Хомус Уйбаан «Куйаартан кутуллар дорҕооннор” (2021 с.), «Проблемы фоносиктаксиса якутской речи» (2022 с.), «Ийэ тыл иһиллэр кэрэтэ: саҥарыы үгэһэ» (2023 с.) кинигэлэрин ырытыы, тула кэпсэтии буолан ааста.
Иван Егорович бэйэтин этиитигэр билиҥҥи саха тылын туругар мустубут дьон болҕомтотун туһаайда, төрүт сахалыы дорҕооннору таба, сөптөөхтүк саҥарыы сүтэн эрэриттэн дьиксиниитин биллэрдэ:
— Бастакы кинигэ – хомус туһунан кинигэ…
Хомус муусукатын нотатын оҥоро сатааччылар бааллар. Ону мин — бу нота буолбакка, бу тембр, дэгэт буолар диибин. Саха хомуһа дэгэт муусукатын таһаарар. Онон дэгэттэри чинчийэн, нотаҕа майгыннаабат эрээри, дорҕоону эрэ буолбакка, матыыбы үөскэтэр кыаҕын хайдах ситиһиэхпитин туһунан бу кинигэҕэ этиллэр. Хомус 5 тыһыынча сыллаах историята сырдатылынна. Ол былаһын тухары дэгэт муусукалаах тэрил олохсуйан үөскээн, норуоттары духуобунайдык сайыннарбыт диэн түмүкккэ кэллибит.
Онтон бу тыл туһунан кинигэлэр — саҥарыы туһунан.
Мин сурук туһунан эппэппин, мин саҥарыы туһунан этэбин. Саҥарыыттан сурук үөскээбитэ. Ол сурук үөскүөн иннинээҕи кэмҥэ, биллэн туран, саха остуоруйата, олоҥхото ийэ дорҕоонунан айыллыбыттара. Онон ийэ дорҕоону сүтэрбэт туох суоллар баалларый диэн бу кинигэлэргэ санаабытын сааһылаан суруйбуппут. Бу кинигэлэр –ийэ тыл дорҕоонун кэрэтин туһунан.
Тэрээһиҥҥэ кинигэлэр оҥорууларыгар эппиэттээх Хомус Аан дойдутааҕы түмэлин уонна киинин наукаҕа уонна сырдатар үлэҕэ мэтэдииһэ Евдокия Павловна Слепцова, наукаҕа үлэһитэ Варвара Егоровна Дьяконова үлэ хайдах барбытын туһунан билиһиннэрдилэр.
Иккис түһүмэххэ редактор А.К.Прокопьева «Проблемы фотосинтаксиса якутской речи» кинигэни ырытта. Оппоненынан Н.И.Данилова, И.Н.Сорова буоллулар.
Үһүс түһүмэххэ «Ийэ тыл иһиллэр кэрэтэ: саҥарыы үгэһэ» кинигэ аһаҕас ырытыытыгар п.н.д. Евдокия Михайловна Поликарпова, ф.н.д., бэрэпиэссэр Надежда Володаровна Покатилова, ф.н.д. Гаврил Гаврильевич Филиппов кыттыыны ыллылар. Редактор А.К.Прокопьева, рецензеннэр Н.И.Данилова, И.Н.Сорова.
Тэрээһини импровизатор-хомусчуттар Туйаара Жиркова, Айсен Дьоллоохоп, Аан дойду виртуоз-хомусчута, СӨ үтүөлээх артыыһа Варвара Степанова, СӨ туйгуна, импровизатор-хомусчут Артур Семенов, импровизатор-хомусчут Надежда Варламова-Надикан хомус алыптаах дорҕоонунан киэргэттилэр. Салайан ыытта Хомус Аан дойдутааҕы түмэлин дириэктэрэ Дмитрий Бястинов.
keskil14.ru