2027 сылга Анаабыр улууһун Сааскылаах нэһилиэгэ төрүттэммитэ 100 сылын бэлиэтиир. Биир үйэ тухары биһиги хотугу кыраайбыт Сааскылаахпыт үлэһит дьонунан, сирин-уотун баайынан Саха сирин сайдыытыгар бэйэтин кылаатын киллэрэн, тирэх, өйөбүл буолан кэллэ.
Итинник санаанан сиэттэрэн, бу күннэргэ биһиги Саха өрөспүүбүлүкэтин күнүн көрсө Сааскылаах нэһилиэгин баһылыгын Алексей Петрович Николаевы кытта көрсөн кэпсэттибит.
– Алексей Петрович, муус устар 27 күнүн – Саха өрөспүүбүлүкэтин күнүн суолтатын туһунан санааҕын үллэстиэҥ дуо?
– Муус устар 27 күнэ Өрөспүүбүлүкэ олохтоохторугар кэрэ-бэлиэ күн буолар. Биһиги бу күн дойдубут историятын, патриотизмы, гражданскай общество сайдыытын туһунан саныыр, долгуйар, толкуйдуур, кэпсэтэр күммүт. Манан сибээстээн элбэх тэрээһиннэр ыытыллаллар. Саамай сүрүнэ, биһиги бу күн суолтатын туһунан эһиэхэ, үүнэр ычаттарбытыгар тиэрдиэхтээхпит.
– 2027 сылга Сааскылаах нэһилиэгэ төрүттэммитэ 100 сылын бэлиэтиэхпит. Манан сибээстээн туох үлэ ыытылларый?
– Сааскылаах нэһилиэгин тэрийии туһунан уураах 1927 сыл олунньу ый 6 күнүгэр тахсыбыта. Ити кэмтэн ыла биһиги туспа нэһилиэк буолан, үлэлээн-хамсаан кэллибит. 100 сыллаах история кэрдиис кэмэ олус киэҥ, баай. Үлэһит дьоннорунан Сааскылаах нэһилиэгэ нэһилиэк буолан олорор диэн бэлиэтээн этиэхпин баҕарабын.
Сааскылаах нэһилиэгин былааҕа, гиэрбэтэ, гимнэ ылыллыбыттара. Гимн тылларын олохтоох поэт Н.Л. Туприн-Кэһиилээх Уола суруйбута. Былаахпыт эскииһин ааптарынан эдэр кэскиллээх ыччаппыт Күндүмэн Андросов буолар.
100 сылбытын олохтоох соҕустук бэлэмнэниэххэ наада диэн эрдэттэн былааннарбытын оҥостобут. 2027 сылы Саха өрөспүүбүлүкэтин Бырабыыталыстыбатыгар туруорсаммыт үбүлүөйдээх бырааһынньыктар календарнай былааннарыгар киллэттэрэргэ үлэлэһэбит.
«Эскизный проект Арктического общественного пространства» диэн бырайыак сакаастаан оҥотторбуппут. Бырайыакпыт киэбинэн смотровай площадкалаах, сыл устата үлэлиир кафелаах, оҕо оонньуур площадкалаах саҥа сир тутуллуохтаах. 2027 сыллаахха үлэҕэ киллэттэрэр киһи диэн баҕа санаалаахпыт.
Быйыл кулун тутар ыйга олохтоох нэһилиэнньэҕэ ыйытык оҥотторбуппут. Онно дьон баҕа санаатын учуоттаан, нэһилиэк инники сайдыытын хайдах көрүөххэ сөбүй диэн ырытыы оҥорбуппут. Бу ыйытыыгы Саха өрөспүүбүлүкэтин Ил Дарханын иһинэн үлэлиир инновационнай менеджмент Үрдүкү оскуолатын специалистара иилээн-саҕалаан ыыппыттара. Кинилэр соторутааҕыта Сааскылаахха кэлэн стратегическай сессия ыыттылар. Олохтоох нэһилиэнньэттэн идиэйэлэри, саҥа көрүүлэри хомуйдулар уонна салгыы хайдах үлэлэһиэхтээхпитин туһунан кэпсэтиилэри ыыттылар. Бу стратегическай сессия түмүгэр олоҕуран, «Стратегия устойчивого развития Саскылахского наслега» диэн былаан ылыныллыахтаах.
Быйылгыттан биһиэхэ саҥа таас дьиэлэр тутуулара саҕаланна. 2027 сылга диэри үс дьиэ үлэҕэ киириэхтээх. 100 сыллаах үбүлүөйгэ инник курдук былааннаах бэлэмнэнии баран иһэр.
– Алексей Петрович, кэлэн иһэр Өрөспүүбүлүкэ күнүнэн эҕэрдилиибит! Сааскылаах сайдыытын туһугар ыытар үлэҕит иһин махтанабыт. Үлэҕитигэр ситиһиилэри уонна нэһилиэкпит сайдыытын тула туруоруллубут былааннаргыт олоххо киирэллэригэр баҕарабыт.
– Улахан махтал! Оҕолор, эһиги, үөрэххитигэр, учууталларгытыгар, бэйэ-бэйэҕитигэр убаастабыллаах, эйэ-дэмнээх, истиҥ сыһыаннаах, киэҥ билиилээх киһи киһитэ буола улаатыҥ. Төрөөбүт дойдугутугар, Өрөспүүбүлүкэҕитигэр туһалаах, тус олоххутун үчүгэйдик оҥостор гына эрдэттэн толкуйданан, ситиһиилээх дьон буоларга дьулуһуҥ!
Сандаара АЛЕКСЕЕВА, Сайаана СПИРИДОНОВА, VII кылаас,
«Алмаас» медиа киин юнкордара, Сааскылаах, Анаабыр