Бу күннэргэ биһиги нэһилиэкпитигэр И.Г. Тимофеев-Теплоухов аатынан “Алаһа” сынньалаҥ киинигэр ыаллыы сытар Чакыр нэһилиэгин биир бастыҥ олоҥхоһута Николай Никитич Григорьев ыалдьыттаата https://vk.com/wall-199463452_19179
Кини Эрилик Эристиин “Буура Дохсун” диэн олоҥхоттон быһа тардан оскуола оҕолоругар анаан толордо.
Николай Никитич олоҥхонон дьарыктаммыта 10 сыл буолбут. Кини этэринэн, 10 сыл диэн олоҥхоһукка аҕыйах. Ол иһин бэйэтин улахан олоҥхоһуппун дэммэт. “Миигиннээҕэр үчүгэйдик толорор дьоннор бааллар”, – диир кини.
Николай Никитич саха фольклорунан 1990 сылтан интэриэһиргээн саҕалаабыт. Аан бастаан Мария Ивановна тэрийбит тойук ансаамбылыгар сылдьыбыт. Онтон кэнники олоҥхоҕо көспүт. Нэһилиэгэр ыччакка олоҥхону үөрэтиинэн дьарыктанан, элбэх оҕону уһуйбут. Ону тэҥэ нэһилиэгин олохтоохторун кытта бөлөҕүнэн ааҕыыга араас күрэхтэһиилэргэ кыттар. Сылын ахсын бастыҥнар кэккэлэригэр киирсэллэр. Улахан ситиһиилэринэн “Уруйдан Улуу Олоҥхо” диэн күрэххэ иккитэ Гран-при хаһаайына буолбутун ааттыыр. Алдаҥҥа олоҥхо ыһыаҕар эмиэ муҥутуур кыайыылаах буолан сүрүн бириис – массыына хаһаайынынан буолбут.
Олоҥхо – саха норуотун уус-уран айымньыта. Олоҥхоҕо саха олоҕо-дьаһаҕа, кини толкуйа барыта көстөр. Онон олоҥхо олус сахалыы тыыннаах айымньы буолар, – диэн этэр Николай Никитич Григорьев.
Вадим КОЛЕСОВ, Х кылаас,
А.П. Илларионов аатынан Хайахсыт орто оскуолата, Чурапчы