Кулун тутар 5 күнүгэр биһиги, Хайахсыт орто оскуолатын “Кэскил” медиа оскуола юнкордара, Антонина Софроновна Дмитриева саҥа тахсыбыт «Роман Дмитриев. Мои тетради» кинигэтин сүрэхтэниитигэр кыттыыны ыллыбыт.
Олунньу ыйга “Сосновый бор” лааҕырга “Кэскил” медиа сменатыгар сылдьаммыт, сахалартан бастакы Олимпийскай чемпион Роман Михайлович Дмитриев туһунан билбиппит. Кини кэргэнэ Антонина Софроновна Дмитриеваны, чугас доҕоро, 1976 с. XXI Олимпийскай оонньуулар үрүҥ көмүс призера Александр Николаевич Ивановы кытта көрсүбүппүт https://keskil14.ru/roman-dmitriev-di-neeh-do-or-ete/
Дойдубутугар Хайахсыкка кэлэн бараммын, оскуола үөрэнээччилэригэр Вадим Колесовтыын Роман Михайлович дневнигар олоҕуран саҥа тахсыбыт “Роман Дмитриев. Мои тетради” кинигэтин туһунан кэпсээбиппит.
Мин бу кинигэҕэ тустуук оҕолор Чурапчыга тренердэрин Дмитрий Петрович Коркины кытта спорт саала тутуутугар үлэлээбиттэрин интэриэһиргээн аахтым. Ол туһунан кинигэ сүрэхтэниитигэр санаабын үллэстибитим.
Бу улахан тэрээһин миэхэ олус долгутуулаахтык ааста. Дьон кэпсээниттэн элбэҕи биллим, туһанным. Роман Дмитриев үөрэппит учуутала 94 саастаах Екатерина Семеновна Лукина кэпсээнин ордук өйдөөн хааллым. Кини маннык кэпсээтэ:
Мин Чурапчы интернат оскуолатыгар Ромалаахха кылаас салайааччыта этим уонна математиканы үөрэппитим. Кэргэним нуучча тылын үөрэппитэ. Мин Романы онуска үөрэппитим. Сахааччалаах… Оо, барахсаттар, талбыт курдук оҕолор этэ. 20 уол, 3 кыыс үөрэммитэ. Билиҥҥээҥҥэ диэри спорт кэллэр эрэ көтүппэккэ көрөбүн. Наһаа сөбүлүүбүн. Эһиги, эдэр дьон, кыаххыт баарынан спордунан дьарыктаныҥ, эккитин-хааҥҥытын эрчийиҥ. Оччоҕо төбөҕүт да сайдыаҕа. Рома үөрэҕэр олус үчүгэй этэ. Математика предметигэр бастыҥ үөрэнээччим этэ. Рома: “Кыайыы 50 бырыһыанын үчүгэй төбө быһаарар”, – диэн этэрэ. Оҕом барахсан билигин биһиги кэккэбитигэр баара эбитэ буоллар… Төһө эрэ үчүгэй буолуо этэ! Кини миэхэ сүрдээх кыракый кумааҕыга суруйан биэрбитэ. Ааҕан бараммын наһаа үөрбүтүм уонна билигин икки эрэ тылы өйдүүбүн: “..любящий Вас” диэн суруйбутун. Онтукабын ханна эрэ кинигэ быыһыгар укпуппун булбакка сылдьабын.
Мин эһигиттэн икки, үс төгүл аҕа саастаах киһибин. Романы мин ахсааҥҥа үөрэппитим. Оҕом кылааска бастыҥ математик этэ. 20 уолтан саамай үчүгэйдэрэ кини этэ. Уонна Дьячковскай, Аргунов Сааска эгэл-тэгэл барсар этилэр. Оҕолорум үтүө санаалара тиийэн, сааһым уһаата быһыылаах дуу диибин. Саха сирин үтүө санаалаах эдэр, чэгиэн дьонноругар махтал буолуохтун. Кытаатыҥ, этэҥҥэ ситиһиилээх, табыллыылаах, дьоллоох олохтоох буолуҥ диэн алгыыбын. Саха сирин экономикатын, сайдар кыаҕын учуоттаан туран түмсүүлээх буолуҥ, адаа-бадаа барымаҥ, бэйэ-бэйэҕитин ордук санаһымаҥ. Оччоҕо саха дьоно сайдыылаах буолуоҕа. Эдэр дьоннор кытаатыҥ, спордунан дьарыктаныҥ, оччоҕо эккит-хааҥҥыт, өйгүт-санааҕыт сайдыа. Рома курдук ситиһиилээх, табыллыылаах үтүө дьон буолуоххут.
Роман Дмитриев учуутала Екатерина Семеновна тыл эппитин кэнниттэн саалаҕа мустубут дьон бары сүһүөхпүтүгэр тураммыт ытыспытын таһынныбыт. Роман Дмитриев учууталыгар махтаммытым диэн бу түгэни куруук өйдүү-саныы сылдьыам.
Света ЗАРОВНЯЕВА, X кылаас, Хайахсыт, Чурапчы
Коля Бандеров хаартыскаҕа түһэриилэрэ, Х кылаас, Хайахсыт, Чурапчы