Саха бастакы очеркист-суруйааччыта, хоһоонньута, кэпсээнньитэ, тылбаасчыта Г.Д. Бястинов-Бэс Дьарааһын төрөөбүтэ 115 сылыгар анаммыт тэрээһин чэрчитинэн кэпсээн суруйууга өрөспүүбүлүкэ оскуолаларын үөрэнээччилэрин ортолоругар (V-XI кылаастар) кэтэхтэн куонкуруһу биллэрэллэр.
БАЛАҺЫАННЬАТА:
Болдьоҕо: хаһыакка тахсыбыт күнүттэн кэлэр сыл бэс ыйын 1 күнүгэр диэри.
Сүрүн ирдэбиллэр:
1. Айар үлэ тиэмэтэ хааччахтаммат.
2. Шрибэ – Times New Roman (сахалыы буукубалары символынан киллэрэҕит), кээмэйэ – 12 кегль.
3. Үлэ таһыгар ааптар толору аата, улууһа, нэһилиэгэ, олорор аадырыһа, индексэ, үөрэнэр оскуолата, төлөпүөнэ, ону таһынан салайааччы толору аата, төлөпүөнэ, кэпсээн (үлэ) аата хайаан да толору ыйыллыбыт буолуохтаах.
Бастыҥ айымньылар бу куонкурус түмүгүнэн таҥыллыбыт хомуурунньукка киириэхтэрэ. Үлэлэргитин Чымынаайы Г.Д. Бястинов-Бэс Дьарааһын аатынан орто оскуолатын электроннай аадырыһыгар chimnaischool@mail.ru «Кэпсээн куонкуруһа» диэн бэлиэлээх ыытаҕыт.
Түмүгү таһаарыы икки бөлөҕүнэн буолуо (V-VIII; IX-XI кылаастар).
Бөлөх аайы I, II, III миэстэлэр, ону таһынан анал ааттар ананыахтара. Куонкурус түмүгүнэн кыттааччыларга электроннай почтанан туоһу сурук ыытыллыа.
Түмүк 2018 сыл бэс ыйын 8 күнүгэр чымнайсош.рф оскуола сайтыгар тахсыаҕа.
Барыгытыгар ситиһиилэри баҕарабыт!
Билсиһэр төлөпүөннэр:
8-964-076-66-72 – Анна Валериевна Николаева.
8-964-423-23-26 – Анна Алексеевна Куличкина.
8-962-737-51-95 – Татьяна Юрьевна Прокопьева.