Олоҥхо дойдутун Сунтаар улууһун чахчылара
- Биһиги республикабытыгар туус саамай улахан саппааһа Сунтаар улууһугар Кэппэндээйигэ баар. Кэппэндээйи тууһун туһунан аан бастаан 1639 с. биллибитэ. 1640 с. Тобольскай хаһаага Воин Шахов 100 буут (1600 кг) Кэппэндээйи тууһун табаннан Тобольскай куоракка илдьибитэ.
- Айылҕа сэдэх уонна дьикти дьайыылаах минералын — цеолиты Саха сиригэр соҕотох Сунтаар улууһугар “Хоҥоруу” хайатыттан хостууллар. Мөлүйүөнүнэн сыллар уҥуордарыгар цеолиттаах “Хоҥоруу” хайата вулкан эттиктэрэ үөһэ тахсыбыттарын түмүгэр үөскээбит. Онон аан дойдуга бу минералы сир дириҥ араҥатыттан сыралаһан ылар буоллахтарына, биһиэхэ аһаҕас ньыманан хостонор.
- 1949 сыл атырдьах ыйын 7 күнүгэр Кириэстээх бөһүөлэгин таһыттан бастакы алмаас көстүбүтэ. Бу булумньу Саха сиригэр алмаас промышленноһа сайдарыгар олук уурбута.
- Сунтаар сэлиэнньэтэ Саха сирин арҕаа өттүгэр саамай кырдьаҕас нэһилиэнньэлээх пуун буолар. Сэлиэнньэ төрүттэниитэ аҕабыыт Попов Василий Тацара дьиэтин тутарбыт 1764 сылыттан ааҕыллар.
- 1936 сыллаахха эдэр учуутал Бессонов Георгий Евдокимович көҕүлээһининэн Тойбохойго республикаҕа тыа сиригэр бастакы кыраайы үөрэтэр музей тэриллибитэ.
- Биһиги улууспутугар “Тээтэ” үрэх тардыытыгар республикаҕа соҕотох «Динозавр» диэн айылҕа пааматынньыга баар. Мантан 1960 с. геологтар динозаврдар араас көрүҥнэрин кырамталарын булбуттара, бу динозаврдар кырамталара буолалларын Москва палеонтологическай института бигэргэппитэ. 2002 с. саха палеонтолог-ученайа П. Н. Колосов экспедицията чинчийбитэ.
- Сунтаар улууһугар “Эмээхсин хайата” диэн сиртэн 1967 с. ученайдар түҥ былыргы латимерия (“хаамар балык”) тииһин, төбөтүн уҥуоҕун, уҥуоҕун булбуттара. Хаамар балыктар диэн наукаҕа “кистепёрые рыбы” эбэтэр “латимерия” диэн аатынан билэллэр.
Латимерия 360 мөлүйүөн сыл анараа өттүгэр үөскээбит эбит. 1938 с. Соҕуруу Африкаҕа балык тыыннаахтыы көстүбүтэ улахан сенсация буолбута. Билигин итиннник балыктар Индийскэй океаҥҥа бааллара биллэр. - Саха сиригэр тыа сиригэр бастакы оскуола Сунтаарга 1862 сыллаахха аһыллыбыта.
Источник: Сунтар: прошлое, настоящее, будущее /Сунтарская средняя общеобразовательная школа № 1 имени А. П. Павлова; НОУ «Эврика». – Якутск, 2009. – 184 с.: ил.
- 1854 с. муус устар 16 к. Иркутскай гимназиятын учуутала Р. К. Маак, Дьокуускай учуутала А. П. Павловскай, прапорщик А. К. Зондаген, коллектор-препаратор М. Фурман Бүлүү айылҕатын, дьонун-сэргэтин Россия империятын картатыгар киллэрэр соруктаах судургута суох уһун айаҥҥа туруммуттара. Манна даҕатан быһаардахха, Бүлүү өрүспүт биир бастакы аата «Киэллэмэ» диэн буолар эбит. Ону ураты болҕомтолоох, мындыр чинчийээччи А. Ф. Миддендорф итини эмиэ биир бастакынан сурукка бэлиэтээбит үтүөлээх. Өссө маныаха саха бастакы этнограба, учуонай Г. В. Ксенофонтов «Ураанхай сахалар» диэн үлэтигэр: «Бүлүү өрүс аата буолбатах, дойду аата» — диэн чиңэтэн суруйбута. Ону эрдэтээҥҥи айанньыттар сыныйан үөрэппэккэ эрэ, дойду аатын өрүс курдук өйдөөн картаҕа бэлиэтээбиттэр.
(Сунтаар нэһилиэгэ /Сунтаар кииннэммит библиотечнай ситимэ, киин библиотека. – Сунтаар, 2006.- 92 с. – (Улуус нэһилиэктэрэ)
- 2014 сыллаахха Берингов проливыгар мууһунан харбааһыҥҥа Гиннес рекордун олохтообут Сунтаар улууһун Күндэйэ олохтооҕор Кузьмин Андрейга ситииһитин туоһулуур докумуонун туттардылар.
- Тойбохой нэһилиэгэр Г. Е. Бессонов аатын сүгэр түмэлгэ баар павлин көтөрдөртөн биирдэстэрэ тэнийэр-ууһуур кыаҕа суоҕун көрөн түмэл үлэһиттэрэ куурусса үс сымыытын уган баттаппыттарын түмүгэр, биир сымыыттан чоппууска тахсан павлин- ийэни үөрдэн, ийэлии истинңик сыһыаннаһан иитэн таһаарбыт. Оттон куурусса барахсан бэйэтин павлин саҕа сананан бэркэ сылдьар.
“Сунтаар сонуннара”
@-TUSCU-Мария Горохова-Кобельянова