(Салгыыта.
Иннин 31 №-гэ көр)
Туора уҥуордаан тахсыбыт сүүнэ луопастар икки өттүгэр элэҥнэһэр көлөһөлөрө тымныы ууну өрүтэ хаһыйара күн уотугар кылапачыйа оонньуур курдуктара. Түннүгүнэн биэрэккэ хаалбыт атаарааччылар далбаатаһаллара көстөр. Кинилэр ортолоругар эдьиийдэрэ эмиэ баар буолуохтаахтар.
Бочуок борохуот иһин-таһын чинчийэргэ сананна. Бастаан палубаны уһаты-туора кэрийдэ. Харчыларынан кэмчи дьон аһаҕас халлаан анныгар ыскамыайкаҕа ыга симсэн олорон айанныыллар эбит. Үһүс кылаас диэн ааттыыр трюмнарыгар табах буруота биир кэм оргуйан олорор. Бастакы кылааска аһыыр сир баар быһыылаах, минньигэс сыт муннуга саба биэрэр. Оттон Бочуоктаах олорор иккис кылаастара буфеттаах эбит. Уочараттаан дьаабылыка атыыласта, кырыылаах ыстакааҥҥа оргуйбут ууну кыраантан сүүрдэн чэй кутунна. Хоһугар сэрэнэн илдьэн, тойуу саахар тооромоһун чэйигэр умньаан ыла-ыла, чэйин сыпсырыйда. Ол быыһыгар өйүөтүттэн кыратык үссэннэ.
Палубаҕа тахсан, борохуотунан айаннаабытын туһунан доҕотторугар кэпсиэх буолан манньыйа турда. Ыраах турар маяк туһаайыытынан сирдэтэн, өрүс ортотугар кыһыл уонна үрүҥ бакеннар уста сылдьалларын ортолорунан борохуот устуохтаах фарватера итинэн баарын дьон кэпсэтэриттэн истэн биллэ. Араас борохуоттар, самоходкалар, баарсалар, мас болуоту соспут буксирдар төттөрү-таары сыбыытыыр аҕай эбиттэр.
Ити сылдьан, билэр киһитин көрө биэрдэ. Биир дойдулааҕа Афанасий Петрович күлэ турар эбит. Дорооболоһон, кэпсэтэн баран, уолу бэйэтин каютатыгар ыҥырда. Хоһугар соҕотох эбит. Итии чэй сакаастаан, каютаҕа аҕалтаран, уолу аһатта. Кэпсэтэ олорон кини Бочуоктан көрдөстө:
– Васек, мин элбэх харчыны илдьэ баран иһэбин. Мин суохпар каютабар ким киирэрин-тахсарын көрө сылдьаар эрэ. Ааным хатанар гынан баран, баҕар, аһан киириэхтэрин эмиэ сөп. Бэйэ-бэйэбитин билсибэт дьон курдук тутта сылдьыахпыт, сөп дуо?
– Сөп, – диэн Бочуок төбөтүн тоҥхох гынна.
Сотору хара былыт халыйан тахсан, ыаҕастаах уунан кутта, салгыы сэниэтэ суох ибирдии турда. Дьон таһырдьа тахсара аччаата.
Уол тэһийбэккэ, күнүс көрүдүөргэ тахсан хаама сылдьан, хортууһун, бинсээгин кэппит Афанасий Петрович сырдык көстүүмнээх, үрүҥ сэлээппэлээх киһилиин үөрэ-көтө кэпсэтэ иһэллэригэр кэтиллэ биэрдэ. Киһитэ: “Биһиги эрэстэрээҥҥэ бардыбыт”, – диэтэ уонна, дьээбэлэннэҕэ дуу, аҥаар хараҕынан имнэнэн ылла. Бочуок сотору палубаны эргийэн кэлэн иһэн, Афанасий Петрович аана аһаҕаһын бэрэбиэркэлээн анньан көрбүтэ, дьоно иккиэн иһирдьэ аһыы олороллор эбит. Уол, ааны алҕаска аспыт киһи курдук, таһыттан саба анньан кэбистэ.
Бочуок киэһэлик түрүүм-тэн тахсан, кирилиэс таһыгар, көрүдүөр уһугар ыйаммыт кумааҕыга хараҕа хатанна. Борохуотунан айаннааччыттан сэрэхтээх буолууну эрэйэр сүбэлэр эбит. Ону ааҕа турдаҕына, сырдык көстүүмнээх, сэлээппэлээх киһи сыаллаах-соруктаах баҕайытык хааман кэлэн, Афанасий Петрович каютатын аанын күлүүһүнэн аһан киирэн хаалла. Бочуок көрүдүөргэ ыйаммыт чаһы бириэмэтин бэлиэтии көрдө уонна туох буоларын кэтэһэн турда.
Сэлээппэлээх киһи, уонча мүнүүтэ кэриҥэ буолан баран дьэ таҕыста уонна, ааны таһыттан хатаан халыгыратаат, ыксалынан бара турда. Кэлэр-барар дьон быыһыгар турар уолу өйдөөн көрбөтө.
Бочуок, түүн наадатыгар тахса таарыччы, Афанасий Петрович каютатын аанын анньан көрдө да, ыга хатааһыннаах.
Сарсыарда эрдэ туран, киһитигэр тиийдэ. Бочуок киирэн дорооболосто. Аргыһа санаата түһэн, умса туттан олорор эбит.
– Доҕоччуок, бэҕэһээ харчыбын уорбуттар, – диэтэ.
– Барытын дуо?
– Сорҕотун…
– Ханна уурбуккунуй?
– Матараас хаатын иһигэр суулуу тутан укпутум… Бэҕэһээ ким эмэ киирэ сылдьыбытын көрбүтүҥ дуо?..
– Эн суоххар били эйигин кытта сылдьыбыт киһи киирбитэ. Күлүүһүнэн ааҥҥын аспыта. Уонча мүнүүтэ буолан баран, тахсан барбыта.
Афанасий Петрович сирэйэ уларыйа түстэ. Чочумча саҥата суох олорон баран:
– Оччоҕо кини ылбыт эбит. Билбэтэҕэ буолаар, сөп? Бүгүн киэһэ кытылга тиийдэхпитинэ, милииссийэни ыҥырыам. Таһаҕаһы харабыллаар уонна кинини эмиэ кэтээн көрөөр.
Афанасий Петрович, туох да буолбатаҕын курдук, сэлээппэлээх киһитин кытта эрэстэрээҥҥэ олорон күннэрин бараатылар.
Ырыаны холбообуттара өрүс үрдүнэн кутуллан, ыраахха диэри ньиргийэр. Айанньыттар үгүстэрэ малларын хомуммутунан бардылар. Кытыл чугаһаабытын биллэрэн, борохуот үстэ үөгүлээн саайда.
Икки илиилэрин муҥунан таһаҕастаах дьон биир-биир тыраабынан биэрэккэ тахсыбытынан бардылар. Афанасий Петрович дьон быыһынан сылбырыйан, төлөпүөннээх сиргэ тиийэн, милииссийэлэри ыҥыраары сүүрэ турда.
Бочуок хараҕа били сэлээппэлээх киһиттэн арахпат. Киһитэ плаһын кэтэн, аттыгар дьоҕус чымадаанын ууран, бэрт холкутук табах тардан бусхатар. Арааһа, анньыһарын сөбүлээбэккэ, дьон тахсан бүтэрин кэтэһэр бадахтаах…
(Бүтүүтэ бэчээттэниэ).
Антонина
БУРЦЕВА.