РФ худуоһунньуктарын сойууһун чилиэнэ, СӨ искусстволарын үтүөлээх деятелэ, СӨ П.А. Ойуунускай аатынан Государственнай бириэмийэтин лауреата, Россия худуоһунньуктарын сойууһун “Духуобунас. Үгэс. Маастарыстыба.” үрүҥ көмүс мэтээлинэн наҕараадаламмыт Андрей Васильевич Чикачев ураты ис хоһоонноох хартыыналарын олус кэрэхсии көрөбүн. Кини айымньыларыгар биһиги олохпут арылыччы көстөр.
Убайдардаах, бырааттардаах улахан дьиэ кэргэн оҕолоробут. Тыа дьоно буоларбыт быһыытынан, сүөһү бөҕөлөөхпүт. Ийэлээх эбэм биһигини куруук айылҕаҕа илдьэ сылдьааччылар. Онно отоннуубут, тэллэйдиибит, ол сылдьан айылҕа уларыйыытын кэтээн көрөөччүбүт. Оттон эһэм эмиэ балыксыт. Балыктыырыгар биһигини илдьэ сылдьааччы.
А.В. Чикачев туһунан бэртээхэй бырайыагы оҥоруохха сөп эбит дии санаабытым ыраатта. Онтум кини олоҕун уонна айар үлэтин чинчийэн, атын оҕолорго билиһиннэрэр сыаллаах.
Кылааһым салайааччыта санаабын өйөөн, Андрей Чикачев туһунан кылаас түөрт чааһын оҥорбуппут. Онно төрөппүттэрбин кытта худуоһунньук хартыыналарын быыстапкатын туруорбуппут.
Эбээбин көмөлөһүннэрэн, кини айымньыларын туһунан тэттик кэпсээннэри суруйбутум. Ону таһынан кылааһым оҕолоругар хартыыналарынан биктэриинэ тэрийбиппит.
Чинчийбит бырайыакпын өйөөн, уруһуйдьут А.В. Чикачев туһунан элбэҕи биллим. Аны эйиэхэ анаан кэпсиим.
Ыра санаа
Ньургун эhэтин кытта балыктыы барыста. Бэҕэhээ илимнэригэр балачча балыгы туттарбыттара. Онно бөдөҥнөр даҕаны, арыый кыралар даҕаны бааллара.
“Оо, бүгүн ийэбин үөрдэр биир эмэ бөдөҥү туттарбыт киһи-и!” – диэн саныы-саныы, Ньургун эhэтэ тыытын соһоругар көмөлөһөр. Кытылтан анньынан, ууга киирдилэр. Сиэн уол тыы тумсугар олорон, уу ньуурун одуулуур.
Сотору илимнэригэр устан тиийдилэр. Эhэтэ, эмис соболору илимтэн биир-биир араара-араара: «Оо, Байанайым – Күөх Боллох оҕонньор бэристэ!» – диэмэхтиир.
Онтон, доҕоор, Ньургун бөп-бөдөҥ собо илимҥэ иҥнибитин кɵрɵ оҕуста. Эһэтэ оргууй арааран, сэрэнэн сиэнигэр биэрдэ. Аата, улаханыын!
Киһиэхэ, ордук кырачааҥҥа, бу улахан үɵрүү буоллаҕа…
Табаһыт
Хартыынаҕа кыhыҥҥы кэм ойууламмыт. Тунал хаарынан бүрүммүт киэҥ нэлэмэн туундараҕа табаһыт түбүктээх үлэтэ, олоҕо-дьаһаҕа көстөр. Хоту дойду онон-манан сэдэх оттоох-мастаах хаар үллүктээх ойуурун худуоһунньук хараҥа сурааhыннарынан бэлиэтиир. Тунал хаары уруhуйдууругар маҥан уонна хараҥа халлаан күɵҕэ ɵҥнɵрү хото туттар.
Таба сарыытынан тигиллибит таҥастаах табаhыт илиитигэр ачаахтаах уһун ураҕаһы тута сылдьар. Ону таһынан таба үөрүттэн бэрт сэнэх, эмис бууру маамыктанан туппута көстөр. Кини ыраах айаҥҥа барарыгар бу табаны көлө оҥостоору гыммыта буолуо диэн сэрэйиллэр. Туундараҕа холкутук сылдьарга таба саамай сылаас тириилээх кыылынан биллэр. Этэ бустаҕына сымнаҕас уонна эмтээх.
Ньээм оттор
Дыргыл сыта ыраахтан муннуга минньигэстик саба биэрэр дьэдьэммит барахсан үүнэн, буһан аҕай турар. Куйаас күннэрдээх сайын ортото. Оҥоойуктаах оҕолор иһиттэрин буспут дьэдьэнинэн толорон, дьиэлээн иһэллэр.
Үс мас бүтэй күрүɵнү туораан, сынньана таарыйа, тохтууллар.
Эдьиийдэрэ Нарыйа ийэтигэр анаан, күн уотугар кэрэтийэн көстөр сибэккилэри үргээтэ.
Балтылара Ньургуйаана уонна Сайаана, киниттэн көҕүйэн, сибэккилэринэн өрүллүбүт бастыҥаны кэтэн, сиэрдийэҕэ ыйаастан, биэтэҥнии оонньоотулар.
Ити кэмҥэ бырааттара Эркин дьикти өҥнөөх хомурдуоhу кɵрөн соһуйар.
Аны Нарыйа күрүɵҕэ ыйаастар. Сайааналаах Ньургуйаана үтүктүбүтүнэн бардылар.
Оҕолор бэйэлэрэ да сир симэҕин курдуктар дии?
Эбээ оҕото
Эмиэ сайын ортото. Дэриэбинэҕэ киэhээҥҥи ыам кэмэ. Ыаллар ынахтарын дьаһайан, ыһыы-хаһыы бөҕөлөр.
Арай Харытыана эмээхсин кыһаллыбат. Таһырдьа дьон айманарын истэн, сиэнэ: “Эбээ! Сүɵhүлэрбит кэллилэр быһыылаах”, – диэн эттэ.
Эбэтэ ыаҕайатын ылан, далга уурда уонна сүɵhүлэригэр утары барда. Сиэнэ эбэтин кэнниттэн кутурук уобуста.
Ол иһэн, бадараан сытарыттан тохтуу биэрдэ уонна: “Эбээ!” диэн хаһыытаан тоҕо барда да, ытаан, санна ыгдаҥныы турда.
Онуоха эбэтэ төттөрү сүүрэн кэлэн, сиэбиттэн кэмпиэт биэрдэ. Уолчаан сирэйэ сырдаата, эбэтин моонньуттан ыга кууста.
Бу кэмҥэ ынахтара Маайка олбуорун иннигэр тохтоон: “Хайа, тоҕо тохтоотугут?” – диэбиттии, кинилэри кɵрɵн турда.
Эбээ ынахтарын ыан бүттэ. Дэриэбинэ иһэ иһийдэ, чуумпурда. Худуоhунньук бу хартыынаны сɵрү-сɵп ис хоһооннообут. Ол да иһин “Эбээ оҕото” диэн ааттаатаҕа.
Сахам сылгылара
Андрей Чикачев «Сахам сылгылара» хартыынатыгар халыҥ хаарынан үллүктэммит сыһыыга сылгылар хаары хаhан аhыы сылдьаллара ойууланар.
Бастакыта – атыыр. Сур – хара ардайдаах сиэллээх-кутуруктаах бороҥ эбэтэр күрэҥниҥи дьүhүннээх.
Иккиһэ – сиэр дьүһүннээх. Ол аата кугастыҥы дьүһүннээх эрээри, сиэлэ уонна кутуруга хара ардайдаах тыhы сылгы.
Худуоһунньук сылгылары сырдык, хараҥа, бороҥ, күɵхтүҥү кырааскалары булкуйан, ураты өҥнөөбүт. Биир сиэр биэ тугу эрэ сытырҕалаан билбит. Тула ɵттүн кɵрүтэлиир, кулгааҕа чɵрɵҥнүүр.
Сылгылар ынахтан улахан уратылаахтар. Ынахтар кыһын бэлэм оту сииллэрин эрэ билэр буоллахтарына, сылгы аhын бэйэтэ булунар. Ойуу кэннин диэки аар хатыҥнар тоҥуу хаарга батыллан, халыҥ хаарынан баттатан, утуйа тураллар. Хатыҥ сылгыга улахан туһалаах, тыалы аһарбат, хаххалыыр.
Бу сырдык хартыынаны мин олус сɵбүлээтим. Худуоhунньук аламай күн сардаҥатыгар маарынныыр сырдык араҕастыҥы ɵҥү таба туһанар буолан, бу курдук санаа үɵскүүр.
Валя ЕГОРОВА,
IV «A» кылаас,
Павловскай орто оскуолата.
Мэҥэ Хаҥалас.