Билигин көмпүүтэр, смартфон үйэтэ кэлэн, дьон сурук суруйары, эҕэрдэлэһэри умнан эрэллэр. Урут бырааһынньык аайы аймахтарыгар, доҕотторугар уонунан аккырыыкканы ыытар буолаллара.
“Кэскил” ааҕааччылара, бу үтүө үгэспитин сөргүтэн, Саҥа дьыл иннинэ Саха сирин бары муннуктарыгар, өрөспүүбүлүкэ таһыгар да, истиҥ тыллаах аккырыыкканы ыытан, чугас дьоммутун үөрдүөҕүҥ! Маны таһынан, билбэт да дьоҥҥутун эҕэрдэлиэххитин сөп. Холобур, VI кылаастар ханнык баҕарар оскуола VI кылааһыгар суруйаллар. Аадырыһа маннык буолуон сөп: «Өлөөн улууһа, Харыйалаах оскуолата, VI кылаас, түннүк анныгар кэнники паарта хаҥас өттүгэр олорор оҕоҕо».
Саҥа дьылга хас биирдии киһи, сааһыттан тутулуга суох, туох эрэ дьиктини күүтэр. Онон барыгытын соһуччу үөрүүнү, аптаах түгэни бэлэхтииргитигэр ыҥырабыт. Посткроссинг саҕаланна!
Куонкурус кыайыылааҕынан саамай элбэх аккырыыкканы ыыппыт “Кэскил” хаһыат эдкорпоһа, бүтүн кылаас уонна биирдиилээн оҕо буолар.
Ирдэбилэ:
– Хас аккырыыкканы ыыппыккытын хаартыскаҕа түһэрэн отчуоттуугут. Биир хаартыскаҕа алта аккырыыккаттан элбэҕи түһэрбэккит. Ханна ыытар аадырыскыт чуолкайдык көстөр буолуохтаах.
– Хаартысканы почта дьиэтигэр тиийэн, штемпель туруортаран баран түһэрэҕит.
– “Кимтэн” диэҥҥэ “Кэскил” хаһыат уонна… (пост, кылаас, бэйэҕит ааккытын) суруйаҕыт.
– Кэмбиэр иһигэр батар кыра бэлэҕи уган ыытыаххытын сөп.
– Кыттааччылар “Кэскил” эбэтэр “Юность Севера” хаһыакка 2018 сыл I аҥаарыгар сурутуулаах буолуохтаахтар. Квитанция куоппуйатын ыытаҕыт. Бу квитанциянан сурутуу лотереятыгар кыттыаххыт.
Кыайыылаахтарга – бэртээхэй бэлэхтэр! Кыттааччыларга барыларыгар – сертификат.
Болдьоҕо: 2018 с. тохсунньу 9 күнүгэр диэри. Түмүгэ Саҥа дьыл кэнниттэн тахсыа.