Соторутааҕыттан ыла Миша икки доҕордонно: Пушок диэн ааттаах ыт уонна куоска Васька. Миша оҕо саадыттан кэлэригэр доҕотторо кинини аан аттыгар көрсөллөр. Уол сыгынньахтанар кэмигэр Пушок үөрбүт быһыынан өрүтэ ыстаҥалыыр. Оттон Васька, кутуругун куйбаҥнаппытынан, ырыа таһаара-таһаара, атаҕын салаамахтыыр. Васьканы Миша ийэтэ имэрийэр-томоруйар кэмигэр олох атыннык курдьугунуур, ол баҕар доҕордоһуу ырыата буолуо.Миша, аһаан бүтээт, оонньоон барар. Миша пограничник, Пушок служебнай ыт буолаллар. Кинилэр кыраныыссаны кэһээччини – Васьканы эккирэтэллэр. Пушок үрэр, Миша хаһыытыыр. Васька дьыбаантан кириэһилэҕэ, кириэһилэттэн остуолга ыстанар уонна аҕаларын чааскытын түҥнэри көтөр. Тохтубут кофе наа-далаах кумааҕылары марайдыыр. Миша итини барытын көрөр да, буруйдааҕы эккирэтэрин уураппат. Атын да оонньууну оонньообуттарын иһин, тоҕо эрэ дьиэ иһигэр, ийэлэрэ кэпсииринэн, туох барыта күөрэ-лаҥкы түһэр.
– Көрүҥ эрэ! – аҕалара кэтэҕин тарбанна.
– Бу быһыы хаһан бүтэр?
– Дьиэ буолбатах, кыыллар уйалара буолла, – өрө тыынна ийэлэрэ.
Субуотаҕа аҕалара эттэ:
– Миша, хайдах да маннык салҕанан барыа суох. Эйиэхэ хайалара ордугун тал – Пушок эбэтэр Васька?
Кинилэртэн биирдэстэрэ дьиэҕэ наа-дата суох. Киэһээҥҥэ диэри быһаар, биһиги үлэбитигэр биир дьээдьэ хайаларын баҕарар ыларга сөбүлэспитэ.
– Сөп, сөп, – диэтэ ийэлэрэ, – талыах-ха наада. Квартирабыт зоопарк буолла.
– Мин иккиэннэрин сөбүлүүбүн, – Миша ытаары ыксатта.
– Түксү! – аҕалара кытаанах куолаһынан эттэ. – Бүтэһиктээхтик быһаарылынна. Тал! Эйигин ким да тиэтэппэт, бүгүн күн баар.
Миша күнү быһа, оонньообокко эрэ, толкуйга түстэ. Кини доҕотторуттан хайалара наадата суоҕуй? Пушоктуун сасыһа оонньуурга үчүгэйиэн! Кини кыа-йан булбатаҕына, баарын биллэрэн, үрэрдиин дьикти! Оттон Васька, түүлүүн-өҥнүүн ньалҕааран, хайдахтаах курдук эриэккэһий!
Уолчаан күнү быһа сыымайдаата. Киэһэ аҕата ыйытта:
– Дьыала хайдаҕый, хайатын таллыҥ?
Миша кытаанахтык эппиэттээтэ:
– Таллым!
– Хайдах? – муодарҕаата аҕата, иккиэннэрин хаалларарга көрдөһөн ытыа дии санаата. Ийэтэ эмиэ муодарҕаата.
– Дьиэҕэ хайалара наадата суох эбитий?
– Миигин илдьиҥ, – Миша, хараҕыттан уу-хаар баһан туран, нэһиилэ саҥарда.
Ийэтэ кууһан ылла уонна эттэ:
– Биһиги эйигинэ суох тугу гыныахпытый?
Аҕалара, хоско хаамыталыы-хаамыталыы саҥарда:
– Чэ, сөп, кими да илдьибэппит, маннык салҕанан бара турдун.М
иша үөрүүтүттэн өрө ыстаҥалаата, Пушок үрэн ньаргыйда, Васька эмиэ эккирэтэн барда: бастаан остуол үөһэ ойдо уонна аҕаларын кофетын тоҕо көттө…
П. ФЁДОРОВ тылбааһа.
Владислав АВДЕЕВ