СӨ Үп министиэристибэтэ уонна Н.Е.Мординов-Амма Аччыгыйа аатынан “Кэскил” оҕо бэчээтин кыһата оскуола үөрэнээччилэригэр “Мин уонна үп” (“Я и финансы”) диэн бэрт туһалаах куонкуруһу ыыталлар. Ити туһунан “Кэскил” оҕо бэчээтин кыһата иһитиннэрэр.
Куонкуруска кыттарга өйтөн суруйуу-эссеҕит электроннай барыйаанын keskil_online@mail.ru диэн редакция аадырыһыгар ылаллар. Матырыйааллар сахалыы уонна нууччалыы хайа баҕарар тылынан суруллаллар. Үлэ тиэмэтин толору арыйар ирдэнэр. Быйылгы куонкурус уратытытынан, www.keskil14.ru саайтка онлайн-куоластааһын буолар. Ким баҕалаах тустаах саайтка киирэн биир бастыҥ үлэҕэ куолаһын биэриэн сөп.
Кыттааччы сайаапка биэрэригэр анал ыйыллыбыт анкетаны толорор. Итиэннэ “Кэскил”, “Юность Севера” хаһыаттарга 2018 сыл маҥнайгы аҥаарыгар суруттарбыт кибитээнсийэлэрин куопуйатын эбэтэр сканерын сыһыарар.
Куонкурус сааһынан үс бөлөххө арахсан ыытыллар:
1.Кыра бөлөх (1-4 кылаас) – эссе тиэмэтэ “Сказка на тему финансов”;
2.Орто бөлөх (5-8 кылаас) – эссе тиэмэтэ “Наш семейный бюджет”;
3.Улахан бөлөх (9-11 кылаас) – эссе тиэмэтэ “Финансовая грамотность”.
“Ааҕааччы биһирэбилэ” (“Приз зрительских симпатий”) номинацияны www.keskil14.ru порталга онлай-куоластааһын быһаарар.
Куонкуруска үлэлэри 2018 сыл тохсунньу 28 күнүгэр диэри ылаллар. Үлэлэри сыаналааһын 2018 сыл тохсунньу 29 күнүттэн олунньу 2 күнүгэр диэри барыаҕа. Түмүгэ олунньу 5 күнүгэр тахсыаҕа.
Куонкуруска киирбит үлэлэр маннык сүрүн бэлиэлиэри тутуһан (киритиэрий) сыаналаналлар:
-Тиэмэни толору арыйыы;
-Айымньылаах сыһыан, ураты быһыылаах өйтөн суруйуу;
-Саха уонна нуучча тылларын нуормаларын тутуһан сөпкө суруйуу;
-Тимэҕэ ааптар киэҥ билиитин, үрдүк таһымнааҕы көрдөрүү;
-Өйтөн суруйуу тиэмэтигэр хаартыска эбэтэр уруһуй.
Куонкуруска киирбит үлэлэр сыаналамматтар уонна төннөрүллүбэттэр. Кыайыылаахтар уонна призердар сыаналаах бириистэринэн наҕараадаланаллар.
Үлэлэргитин маннык аадырыска киллэрэгитин күүтэллэр: 677000, Дьокуускай куорат, Орджоникидзе уулуссатын 31 №-дээх дьиэтэ, 204 хос, Н.Е.Мординов-Амма Аччыгыйа аатынан “Кэскил” оҕо бэчээтин кыһата. Билсэр төлөпүөҥҥүт: 8(914)101-29-60, факс/төлөпүөн: 8(4112)34-11-12. Электроннай поча: keskil_online@mail.ru Суруктаргытын “Я и финансы” куонкуруска диэн суруйаргытын умнумаҥ.