Мин ийэм Октябрина Гаврильевна төрөөбүт дойдута Мэҥэ Хаҥалас Маттата. Сыл аайы Маттаҕа сайылыы кэлэбин, эбэҕэ сөтүөлүүрбүн сөбүлүүбүн, аймахтарбар окко-маска көмөлөһөбүн.
Маттаттан үүнэн-сайдан тахсыбыт элбэх биллэр-көстөр дьон баар эбит. Холобур, аҥаардас искусствоны ыллахха, Саха тыйаатырыгар аатырбыт РСФСР, САССР үтүөлээх артыыһа Михаил Гоголев, САССР үтүөлээх артыыһа Яков Кычкин, ырыаны айааччы, САССР култууратын үтүөлээх үлэһитэ Виталий Андросов уо.д.а.
Билиҥҥилэртэн, ыраата барбакка, ырыаһыт Ченяновтары ааттыахха сөп. Мин кинилэр ыллыылларын сөбүлүүбүн. Ченяновтар бииргэ төрөөбүт төрдүөлэр. Бары ыллыыллар, култуура эйгэтигэр үлэлииллэр. Семен – ырыа айааччы, бэйэтэ туспа музыкальнай устуудьуйалаах уһуйааччы, саха эстрадатыгар саҥа ааттары таһаарар продюсер. Павел – Саха тыйаатырын артыыһа, киинэҕэ, испэктээкиллэргэ оонньуур. Дмитрий – Уолба кулуубун худругунан үлэлээтэ, кырыымпаҕа, гитараҕа бэркэ оонньуур. Умсуура – күүстээх куоластаах биллэр ырыаһыт.
Бу бииргэ төрөөбүттэр хантан маннык талааннаахтарын, ырыаһыт, артыыс буолбуттарыгар туох оруоллааҕын билээри, Ченяновтар ийэлэрэ Марфа Петровна Ченянованы кытта кэпсэттим. Ол түмүгэр матырыйаалбын “Матта маладьыастара” диэн ааттаатым. Тоҕо диэтэххэ, ырыаһыкка соччо туттуллубат кып-кылгас бу этиинэн ким даҕаны кинилэри өссө хайгыы илик буолуохтаах.
– Оҕолоргут ырыаһыт хайдах буолбуттарай?
– Оҕолорбутугар аймаҕынан удьуордаан бэриллибит буолуохтаах. Ырыаһыттар кэргэним уонна мин өттүбүттэн бааллар.
– Сэмэн Ченянов хайдах саҕалаабытай уонна кинини ким ыллыырга дьарыктаабытай? Бастакы ырыата ханнык этэй?
– Маҥнайгы кылааска үөрэнэ сылдьан ыллаабыта. Оскуола учууталлара Андрей Терентьевич Замятин уонна Яков Константинович Стручков дьарыктаабыттара. Ол кэмҥэ ыллаабыт бастакы ырыата “Ийэҕэ махтал”. Бу ырыанан тахсыбыта, онтон араас куонкурустарга кыттан ситиһиилэммитэ. Оскуолаҕа үөрэнэ сылдьан киэҥ эйгэҕэ Робертино Лоретти “Ямайкатынан” биллибитэ.
– Бииргэ төрөөбүттэрэ Умсуура уонна Дима убайдарын батыһан ырыаһыт идэтин талбыттара дуо?
– Оҕо оҕоттон үөрэнэр буоллаҕа дии. Сэмэн ыллыырын истэ сылдьаннар, итиэннэ бэйэлэрэ айылҕа биэрбит талаанынан сайыннахтара. Оскуолаҕа үөрэнэ сылдьан, кэнсиэргэ кытталлар этэ.
– Талааннаах оҕолор төрөөбүт, улааппыт бу дьиэҕит хас сыллаахха тутуллубутай?
– Кэргэним аҕатын дьиэтин оҥостон олоробут.
– Артыыс идэтин талбыт эбит дии?
– Павлик Дьокуускайга Култуура кэллиэһигэр киинэ уонна тыйаатыр артыыһын бэлэмниир салааны бүтэрбитэ. Бастаан Үүнэр көлүөнэ тыйаатырыгар үлэлээбитэ. Онтон Саха тыйаатырыгар ылбыттара. Киинэлэргэ уһуллар, быйыл соҕуруу хаста да бара сырытта. Санкт-Петербурга уонна Москваҕа. Киинэлэрин онно усталлар, тахса илик быһыылаах. Улахан экраҥҥа көстүбүт киинэлэрэ – “Тыал баарын тухары”, “Айыы Уола”. “Дьөһөгөй оҕото” диэҥҥэ соҕотоҕун эрэ оонньуур . Онтуката соҕуруу баран бастаан, ситиһиилээх кэлбитэ. Оттон Сахатын тыйаатырыгар эмиэ оруоллардаах, быһата, сыанаттан түспэт.
– Сайылыы, сынньана эҥин кэлээччилэр дуу?
– Сайылыы кэлэллэригэр бастаан сүүрбэччэ хонуохпут диэн үөрдээччилэр. Онтулара баара, уһаабыта уонча хонугунан төттөрү ыҥыран ылаллар. Үлэлэрин үгэнэ сайын буолар. Сэмэн сайыҥҥы лааҕырдаах, онно устуудьуйатын үлэлэтэр, ырыаһыттарга фонограммаларын эҥин оҥорор. Онон сынньанар солото да суох.
– Кэргэҥҥиниин хас сыл бииргэ олордугут?
– Павел Дмитриевичтиин отут үс сыл бииргэбит. 1984 сыллаахха холбоспуппут, дьоллоохтук олоробут. Алта сиэннээхпит, оҕолорбут бары үлэһиттэр, күүс-көмө, илии- атах буолаллар.
Никита Иванов,
VII кылаас,
33 №-дээх оскуола.
Дьокуускай.