(Остуоруйа)
Арай биирдэ… киһи итэҕэйиэ суоҕун курдук, туспа дьиэлээх-уоттаах, иллээх-эйэлээх куоска уонна кутуйах бииргэ олорбуттара эбитэ үһү! Соһуйуохпут иһин, кинилэр, туохтан да толлубакка, бэйэ-бэйэлэригэр көмөлөсүһэр, сарсыарда аайы тэҥҥэ аһыыр-таҥнар, түүн аайы бииргэ утуйар эбиттэр. Куоска эт аһы сиэбэт, оҕуруот аһын кытта үүтү эрэ иһэр. Ол да буоллар, кутуйаҕар үүтүттэн хайаан даҕаны ордорор. Оттон кутуйах муҥнаах араас отунан, үүнээйинэн аһылыктанар.
Кинилэр дьиэлэрин аттыгар туспа дьиэлээх-уоттаах кэргэннии кууруссалаах бөтүүк олороллоро. Биир киэһэ, утуйар кэм чугаһаабытын кэннэ, кууруссалаах бөтүүк кэпсэтэр саҥалара иһиллэр:
– Истэҕиэн, бөтүүкчээн, сарсыҥҥыттан бииргэ төрөөбүт убайым бөтүүгү кылгас кэмҥэ дьиэбитигэр олордуох этибит. Муҥ саатар, дьиэтин туттан бүтүөр диэри…
– Дьиэбитигэр тойоннообот буоллаҕына, олордун даҕаны, – бөтүүк хоруйдуур.
– Оттон кини эмиэ бэйэбит курдук буоллаҕа дии! Оннооҕор куоскалаах кутуйах бииргэ олороллорун билбэт үһүгүн дуо? – салгыыр куурусса.
– Чэ, көрүөхпүт, – диэн баран, бөтүүк утуйар аакка барар.
Нөҥүө күн куурусса убайа дьиэлэригэр көһөн кэлэр. Киирдэ киирээт, убай бөтүүк обургу тута оронун булуна охсон, тиэрэ таһыллар. Хаһаайын кинини күннээҕи түбүк үлэтигэр көмө илии-атах буоларыгар ыҥыра, кыттыһыннара сатыыр да, анарааҥҥыта иннинэн буолбат. Ол киэһэ дьиэлээх бөтүүк кыыһыран, абарбыт санааҕа ылларан, дьиэтиттэн убай бөтүүгү холдьоҕон таһаарар.
Сарсыарда кууруссалаах бөтүүк ыаллыы олорор иллээх-эйэлээх куоскалаах кутуйахха ыалдьыттыы кэлэллэр. Бииргэ чэйдии олорон, куурусса этэр:
– Эһигини мин өрүү хайгыы көрөбүн, куоскалаах кутуйах эйэ- дэмнээхтик олороргутуттан. Биһиги, дьиэҕэ икки бөтүүк баар буоллаҕына, түүҥҥэ диэри сатаан тиийбэппит.
– Онно киһи туох хайгыыра баарый? Манна икки куоска эбэтэр икки кутуйах бааллара буоллар, чахчы, эйэлээхтик олороллорун саарбахтыа этибит, – диэн кэҕиҥниир бөтүүк.
– Доҕоор, бөтүүк, мин бу дьиэҕэ уон да кутуйаҕы кытта бииргэ олоруом этэ, – хаһаайын киһиргэнэн ылар.
– Эс, уон элбэҕэ бэрт дии! Ону сатаан тулуйбатыҥ чуолкай, – бөтүүк хардарааччы буолар.
– Дьэ, отой тулуйуом, бөтүүк. Бэйэҥ да соһуйуоҥ, – диир куоска.
– Чэ, оччоҕо биир күн уонча кутуйаҕы кытта эйэлээхтик хонноххуна, бэйэм дьиэбин туран биэриэм, – диэбитин бөтүүк бэйэтэ да билиминэ хаалла. Инньэ гынан, ойдон быстыа дуо, бөтүүктээх куоска дьиэни ылсарга-бэрсэргэ сөбүлэҥ түһэрсэллэр.
Ол киэһэ дьиэлэригэр тоҕус кутуйах субуруһан, хонордуу кэлбиттэр. Сарсыарда, күн тахсаатын кытта, бөтүүк кууруссатын кытта куоскалаах кутуйахха кэлэллэр. Киирбиттэрэ – тоҕус кутуйах өссө да утуйан оҥторо сыталлар эбит! Ол оннугар, хата, куоскалаах кутуйах номнуо туран, чэйдэрин сыпсырыйа олорбуттара ырааппыт.
Куоска ыалдьыт киирбитин көрөн:
– Хайа, бөтүүк, көрдүҥ дуо? Икки да түүн уонча кутуйаҕы кытта тапсан, бииргэ хонор эбиппин дуу?
– Чэ, кэбис, эн кыайдыҥ. Биһиги дьиэбит аны эйиэнэ, – хомойбут куоластаах бөтүүк хардатын нэһиилэ ыган таһаарар.
– Эһиги дьиэҕитин ылбаппыт, кэбис. Бэйэбит дьиэбитин быдан ордоробут ээ. Бу кэннэ биһигинниин мөккүспэт буолаар, – диэбитин кэнниттэн кууруссалаах бөтүүк үөрэн-көтөн, бэйэлэрин дьиэлэригэр тахсаллар.
Онтон ыла кууруссалаах бөтүүк, атын да кыыллар, куоскалаах кутуйахтыын мөккүспэт, утарыласпат буолбуттар. Дьиҥ-дьиҥэр, бу куоскабыт, отой да тииһэ суох эбит ээ! Ол иһин биир тылга киирсэн, тапсан олордохторо. Онтон атын куоска обургу кутуйахтыын бииргэ тапсан олоруо суох эбит. Эһиги санааҕытыгар?
Айтал КАЖЕНКИН.
Дьокуускай.