Оҕо сөтөллөр, тыына хаайтарар буоллаҕына, чопчу пульмонолог-быраас көрөр-истэр, эмтиир. Бүгүн Медицина национальнай киинин пульмонология отделениетын бырааһа Татьяна Ивановна Никифорованы кытта кэпсэтиибитин таһаарабыт.
– Оҕо пульмонологията туох уратылааҕый?
– Пульмонология диэн латыынныы «pulmunes» тыҥа уонна былыргы гректии «λόγος» үөрэх диэн тыллартан тахсыбыт. Оҕо тыынар уоргана улахан киһиттэн уратыта диэн ордук сымнаҕас, ситэ, толору сайда илик буолар, салгын ааһар суола кыараҕас. “Слизистай” өттө халыҥ, онон иһэн тахсар, оҕо тыынарыгар ыарахан буолар. Оҕо пульмонолога ол уратылары билэн, харыстабыллаахтык сыһыаннаһан эмтиир. Бастаан ыалдьыбыт оҕону, биллэн турар, педиатр быраас көрөр. Өскө оҕо ыарыыта ааспат буоллаҕына, суһаллык пульмонолокка ыытыахха наада.
– Ханнык түбэлтэҕэ пульмонолог көмөтө нааданый?
– Бастатан туран, астмаҕа. Астма кэлиҥҥи кэмҥэ олус элбээтэ. Ол билиҥҥи олохпут содула, мөлтөх экологияттан, аһыыр аспытыттан тутулуктаах. Ол эрээри үксүгэр төрүттэрбититтэн бэриллэр ыарыы буолар. Төрүттэрэ аллергиялаах буоллаҕына, оҕолоро астмалаах буолар кутталлаах.
– Астма, төрүттэртэн буолбакка, кэнники үөскээбит буолуон сөп дуо?
– Үксэ төрүттэртэн. Кэлин көстүбүт диэнэ олус сэдэх.
– Астма туохтан саҕаланарый?
– “Атопическай дерматит”, “аллергическай ринит”, “коньюктивнай аллергия” ыарыылаах буоллаҕына, оҕону эрдэттэн кэтээн көрүөххэ, бэйэҕит педиатр бырааскытыгар этэн, сэрэтэр үлэни ыытыахха наада. Диатез да баар буоллаҕына, оҕоҕо аллергияны күүһүрдэр аһы биэримэҥ, харыстааҥ.
– Маны таһынан ханнык ыарыыны эмтиигиний?
– “Бронхо-легочная дисплазия” диэн баар. Россия Президенин Ыйааҕынан билигин саҥа төрөөбүт 500 да граммнаах оҕону “киһи” оҥоруохтаахпыт. Маннык итэҕэс төрөөбүт оҕо тыҥата ситэ сайдыбатах буолар. Пульмонолог көрөн-истэн, эмтээн, бу оҕолор доруобай дьон буолаллар. Сорохторо, хомойуох иһин, тыҥалара толору сайдыбат, “кислородтан тутулуктаах” буолаллар.
Маны таһынан, биһиги отделениебытыгар тыҥата уонна бронхата сыыһа сайдыбыт, аномалиялаах оҕолору көрөбүт. Хроническай, ол аата ааһан биэрбэт сөтөл, бронхит, альвеолит, бронхоэктатическай ыарыы туох төрүөттээҕин быһаартараары эмиэ киирэллэр.
Өссө биир ыарахан ыарыынан муковисцидоз буолар. Бу “системнай” ыарыы тыынар уонна ис-үөс уорганнарыгар дьайар. Өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн муковисцидозтаах 14 оҕо баар.
Кэпсэттэ Таисия АЛЕКСЕЕВА.