Дьокуускай куорат 17 №-дээх орто оскуолатын VI «В» кылаас үөрэнээччилэрэ суруйаллар
(саха тылын уонна литературатын учуутала И.Е. Тарабукина)
Күһүн кэлэн айылҕабыт барахсан уларыйа оҕуста. Мастар күөх солко былааттарын устан, кыһыл, араҕас көмүс дьэрэкээн таҥаһы кэттилэр. Ордук хатыҥ уонна тэтиҥ сэбирдэхтэрин кэрэ көстүүгэ уларыттылар. Күһүҥҥү тыал үрдэҕин аайы, мутуктарыттан арахсан салгыҥҥа тэлээрэн, үҥкүүлээн бараллар. Кинилэр сиргэ сылаас суорҕан буолан тэлгэнэллэр. Хааман истэххэ атах анныгар кинилэр сибигинэһэр курдук суугунууллар. Күһүҥҥү сэбирдэх кэрэ көстүүтэ киһи дууһатын үөрдэр. Кинилэр тымныы кыһыҥҥа бэлэмнэнэн бары бииргэ чөмөхтөһөр курдуктар.
София Харлампиева
***
Сэбирдэх айылҕа биир кэрэ көстүүтэ. Кини саас тыллар, сыта тула тарҕанар. Сайын сэбирдэхтэр ситэллэр, тула чээл күөх буолар. Оттон күһүн кэлбитин тула сэбирдэх саһардаҕына билэбит. Айылҕа барыта көмүс курдук өҥнөнөр. Ол аата айылҕаҕа күһүн кэлбит, сотору тыалга сэбирдэх көтөн, түһүүтэ саҕаланар. Бу дьикти көстүү. Хас биирдии сэбирдэх айылҕа дьикти айымньыта.
Данил Нестеров
***
Балаҕан ыйыттан көмүс күһүммүт тиийэн кэллэ. Күһүн саамай уратыта айылҕа уларыыта, айылҕа өҥүн уларытыыта, сэбирдэхтэр саһарыылара буолар. Сэбирдэхтэр араас буолаллар, уһун, кылгас, төкүнүк о.д.а Өссө араас өҥнөрүнэн симэнэллэр: араҕас, кыһыл, кугас .
Мин саамай сөбүлүүрүм, хатыҥ сэбирдэҕэ. Кини ытарҕа курдук ыйанан турар кэрэ көстүүлээх. Сотору тымныйыа, оччоҕо тыалга сэбирдэхтэр үҥкүүлүүр курдук тэлээрэ көтүөхтэрэ, эргичийэ оонньуохтара. Аны саас саҥаттан үүнүөхтэрэ, тулабытын киэргэтиэхтэрэ.
Арина Аввакумова
***

Расул Гамзатов
Саһарбыт сэбирдэх
Самыыр түс да түс, түһэр сэллээбэккэ;
Саһарбыт лабааны быһыта сынньар.
Сэбирдэх тохтор, тохтор ээ силбиккэ,
Сулламмыт лабаа олус да санньыар.

Күһүҥҥү курус тыал киэбирэ туттар,
Тулаайах сэбирдэҕи көр оҥостор,
Күллэрэстиир, иһиирбэхтээн ылар.
Тэлгэһэттэн үүрэн ыскайдыы ыһар.

Ол ону кэлээччилэр-барааччылар
Атахтарынан тэпсэллэр дьэбэрэҕэ.
Тугуй сүрэй, – дьон номнуо умуннулар
Туһаммыт иэстэрин мас сэбирдэҕэр.

Өйдүүбүн аны саас эмиэ тыллыаҕын
Аалай күөх саҥа сэбирдэх лабааҕа.
Ол эрэн олус элбэх дии саныыбын
Атаҕастабыл айылҕа ыйааҕар.

Михаил Тимофеев сахалыы тылбааһа
«Үрдүк сулустар: хоһооннор» кинигэттэн, 1969 с., Дьокуускай
Уруһуйдар ГигаЧат нейроситимҥэ оҥоһулуннулар
