Түөрт атахтаах доҕорум аата Сындыыс. Кып-кыра, аҕыйах хонуктаах эрдэҕинэ убайым аҕалбыта. Билигин ытым икки аҥаар саастаах.
Бороҥ өҥнөөх, хойуу арбаҕар түүлээх. Кулгааҕа чороҕор. Атахтарыгар маҥан наскы курдук сырдык түүлээх.
Ытым олус өйдөөх. Саҥардахпына өйдүүр курдук туттар. “Сыт, олор, тур, кэл” диэн сорудахтары толорор. Биһигини оскуолаҕа атаарар. Эһэбитин куруук эккирэтэ сылдьар. Оннооҕор ыраахтан эһэм массыынатын көрдөҕүнэ, билэн, эккирэтэн тиийэр.
Биирдэ таһырдьа 52 кыраадыс тымныйан турдаҕына, ытым сүтэн хаалбыта. Хас да күн көрдөөн баран булбатахпыт. Арай, аҕыйах күн ааспытын кэннэ, биһиги оскуолаҕа барбыт кэммитигэр, эһэм дьиэтигэр чэйдии олорон түннүгү көрбүтэ, суол ортотугар бугуллаах от сытар эбит. Эһэм ону аахайбатах. Сотору соҕус буолаат көрбүтэ, бугула чугаһаан биэрбит. Ити курдук чугаһаан-чугаһаан, биһиги олбуорбут күрүөтүгэр кэлэн сыппыт. Эһэм таһырдьа тахсан көрбүтэ, арай Сындыыс атаҕа, кулгааҕа бааһыран сэниэтэ суох сытар эбит. Аһата сатаабыт да, Сындыыс кыаҕа суох буолан сыппыт. Ону көтөҕөн ылан, сылаас сиргэ гаражка киллэрбит.
Мин оскуолаттан кэлэн Сындыыс кэлбитин истэн, наһаа үөрбүтүм. Тахсан, сотору-сотору, кыра-кыралаан аһаппытым. Аҕыйах хонугунан ыппыт үтүөрбүтэ. Доҕорум үтүөрбүтүттэн мин олус дьолломмутум. Ыппын тымныыттан хойуу түүтэ быыһаатаҕа буолуо дии саныыбын. Мин ыппын кытта «туста» оонньуубут, сүүрэбит, Сындыыһы миинэбин.
Ыт киһи доҕоро диэн сөпкө да этэллэр.
Айтал СИВЦЕВ,
II кылаас.
Өймөкөөн Н.О.Кривошапкин аатынан орто оскуолата.