Амма Н.С. Захаров-Сахаачча аатынан Оҕо спортивнай оскуолатын иитиллээччилэрэ быйыл сайын аатырбыт бөҕөстөрдөөх хайалаах Дагестаҥҥа тиийэн, 22 күн устата көҥүл тустууга эрчиллэн кэллилэр. Кинилэри кытта тэҥҥэ сылдьыспыт Эдьигээн уола Айхал Матвеев кэпсээнин истиэххэ.
– Айхал, хотугу эргимтэҕэ сытар Эдьигээн уола, сырдык, ыраас уулаах, сардааналаах кытыллардаах Кыыс Амма бөҕөстөрүнүүн Дагестаҥҥа хайдах тиийэн хааллыҥ?
– Амма тустуук оҕолоро Дагестаҥҥа 11-с сылын сылдьаллар эбит. Амма тренердэрэ ол дойду тренердэрин кытта быһа кэпсэтэн, оҕолор төрөппүттэрэ үбүлээн, бараллар. Тустуук быһыытынан үүнэргэ-сайдарга, күүс-уох иҥэринэргэ олус туһалаах дьарык. Мин айаным, аһыыр, утуйар уонна эрчиллэр ороскуотум харчытын эмиэ төрөппүттэрим уйуммуттара.
– Чэ, бастаан бэйэбитин билиһиннэриэххэ.
– Быйыл 385 сааһын туолбут Эдьигээҥҥэ төрдүс кылааһы бүтэрбитим. Кылааһым уолаттарыныын футболлааччыбыт. Онтон бырааттыы Дмитриевтэр ааттарынан Оҕо спортивнай оскуолатыгар тустуунан дьарыктаммытым. Тренердэрим Николай Филиппов уонна Россия спордун маастардара Федор Иванов, Александр Корякин этилэр. Улууһум уолаттарыгар миэстэлэспитим, бырааттыы Дмитриевтэр бириистэригэр иккис буола сылдьыбытым. Оттон быйыл Дьокуускайга көһөн кэллим. Онон 17-с оскуола бэһис кылааһыгар киирдим. Чэпчэки атлетика сиэксийэтигэр суруйтардым. Тустуу киэнэ чугастааҕы университет Оҕо спортивнай оскуолатыгар баар эбит. Онно тренер Александр Прохоровка дьарыктанан эрэбин.
– Дагестаммытыгар төннүөххэ…
– 21 оҕо уонна Амма тренердэрэ Илья Анатольевич Солдатов, Афанасий Афанасьевич Адамов буолан, сөмөлүөтүнэн Москваҕа көппүппүт. Эдьигээнтэн эмиэ төрдүһү бүтэрбит Максим Гавриловтыын сылдьыбыппыт. Мин сөмөлүөтүнэн көтө үөрүйэхпин, дьоммун кытта урут кыраныысса таһыгар сылдьыспытым. Онон 6 чааһы холкутук тулуйдум, өссө көтөн истэххинэ тэлэбиисэр үлэлиир, киинэ көрдөрөллөр, аһаталлар. Онон көтүү уһунун-кылгаһын билбэккэ хаалаҕын. Москваттан Дагестан Хасавюрт куоратыгар диэри оптуобуһунан күнү супту айаннаатыбыт. Аара тохтоон аһаталлар, сынньаталлар. Саҥа сир, саҥа дойду. Онон интэриэһинэй буолан, сылайыы-элэйии суох.
– Дьэ, Хасавюртка тиийдигит…
– Дагестан тустуу уйата эбит. Ол да иһин билиҥҥэ диэри Россияҕа хамаанданан аҥаардастыы айбардыыллар. Сарсыардаттан киэһээҥҥэ диэри тустан, эрчиллэн тахсаллар. Тустууга анаммыт киэҥ хонууга хас да көбүөр тэлгэнэ сытар. Онно саастарынан арахсан, күнү быһа эрчиллии. Бу барыта биһиги сылдьыбыт эрэ сирбитигэр. Оттон маннык эрчиллии, дьарык Дагестан былаһын тухары үһү! Биһигини кытта Татарстан оҕолоро бааллара. Бары бииргэ тэҥҥэ эрчилиннибит эрээри, мин санаабар, дагестанецтар син биир элбэхтик хамсанар курдуктар. Кинилэр олохторун сыала – кыайыы-хотуу, Олимпийскай чемпион буолан, инники олоҕу оҥостуу.
– Айхал, олус сөпкө бэлиэтии көрбүккүн. Дагестантан 1972 сыллаахха Загалав Абдулбеков бастакы Олимпийскай чемпион буолбута. Эн биир дойдулааҕыҥ, Эдьигээн эрдьигэнэ Роман Дмитриевтиин бииргэ бастаабыттара. Онтон ыла лоп курдук 45 сыл ааста. Биһиги, сахалартан, бу кэм устата Павел Пинигин чемпион, Александр Иванов уонна Роман Дмитриев иккис буолбуттара. Оттон Дагестан Олимпиадаҕа сүүрбэттэн тахса чемпионнаах уонна призердаах!
– Кинилэр биһиги үс олимпиецпытын уонна Загалав Абдулбеков саамай сүрүн утарсааччыта буола сылдьыбыт Николай Захаров-Сахааччаны үчүгэйдик билэллэр эбит. Ол иһин биһиэхэ сыһыаннара олус үчүгэй.
– Эрчиллиибитигэр киириэххэ.
– Хасавюрт Олимпийскай эрэллэри бэлэмниир анал оскуолата. Барыта бэрээдэк, күннээҕи режими олус тутуһуннараллар уонна ирдииллэр. Уолаттара дьарыкка хойутаатахтарына эбэтэр көрдөрбүт албастарын сыыһа оҥордохторуна, эппит сорудахтарын толорботохторуна, дьэ, кытаанах, скакалканан таһыйаллар! Уолаттар, хата, сүрдээх тулуурдаахтар, олох ытаабаттар. Барытын сатыыр уонна толорор туһугар үлэлээн дьүккүспүтүнэн бараллар.
Биһигини интэринээккэ түһэрбиттэрэ. Сарсыарда 6 чааска ойутан туруораллар. Массыыналар куоталаһар автодром диэннэригэр 1-2-3 биэрэстэни сүүрдэллэр. Өссө хайаны дабайыы баар, олус ыарахан. Үөһэ тахсан истэҕиҥ аайы атаҕыҥ ыарыыр, тыыныҥ кылгыыр. Ону тулуйуохтааххын. Онтон эти-сиини уһугуннарар хамсаныылар, тардыныы, анньыныы саҕаланар. Күҥҥэ иккитэ көбүөргэ 2-лии чаас дьарыктанабыт. Дьэ, күүстээх эрчиллии, сыра-сылба баранар. Кэлин, син, үөрэнэн, барытын тулуйар, сорудахтарын толору толорор буолаҕын. Биир албаһы, илииҥ иминэн, быччыҥ күүрүүтүнэн билэн, туох да соруйуута суох, аптамаат курдук оҥорор буолуоххар диэри хатылаталлар. Дьиэбэр кэлбиппэр ийэм барыта иҥиир, быччыҥ буолбуккун диэн хайҕаабыта. Сынньалаҥ кэмигэр футболлуубут, сөтүөлүүбүт, куорат ырыынагар сылдьааччыбыт.
– Аһылыктара хайдаҕый?
– Интэринээт аһа. Сарсыарда хааһы, итии чэй. Эбиэккэ миин уонна суок. Киэһээҥҥи аһылыкка миини эбэтэр ыһаарыны талаҕын уонна суок. Биир дьиктитэ, таас иһити көрбөккүн. Барыта тимир миискэ. Хата, Дагестан итии дойду буолан, фрукта элбэх. Ону сиэтэллэр. Арбуз буолунай. Абрикос, дьаабылыка, грецкэй эриэхэ маска үүнэн турар.
– Өссө тугу кэпсиигин?
– Куорат диэтэххэ, туалеттара дэриэбинэҕэ курдук. Бастаан соһуйбутум, кумааҕылара суох эбит. Онтум баара, уунан сайҕаныахтаах эбиккин! Аны душтара туох да хаххата суох, аһаҕас сиргэ турар. Онон туруусуктаах суунаҕын. Бастаан дух-дах туттан баран, кэлин үөрэнэҕин. Дьэ, итинник усулуобуйаҕа эрчиллэн, аһаан, сынньанан, Дагестан улахан бөҕөстөрө уһаарыллан тахсаллар эбит!
– Күрэхтэстигит дуу?
– Хас биирдии дьарык, хапсыһыы бэйэтэ туспа күрэхтэһии курдук. Көбүөргэ паараҕа сороҕор дагестанецка, сороҕор Татарстан уолугар эбэтэр бэйэҥ киһигэр түбэһэҕин. Туох баардааххын көрдөрө сатаан, харса суох түһүнэҕин. Биирдэ улахан күрэхтэһии буолбута. “Памяти друзей” диэн норуоттар икки ардыларынааҕы турнир. Сахалартан 8 уол миэстэлэспитэ. Мин 32 кг ыйааһыннаахтарга үһүс миэстэни былдьаһыыга хотторон кэбиспитим. Ол да буоллар, Дагестаҥҥа сыралаахтык эрчиллибит, Каспийскай муораҕа сөтүөлээбит, кыһыл арбуһу буолунай сиэбит үтүө күннэрбин умнуом суоҕа.
– Айхал, кэпсээниҥ иһин махтал. Тустуу уйата Дагестаҥҥа эрчиллииҥ эйиэхэ эрчими эбэн, инники күрэхтэһиилэргэр олугу ууруохтун! Куорат саҥа үөрэнээччитэ быыс-арыт булан, көлөһүҥҥүн тохпут тустуугун умнума, салгыы эрчиллэн, Эдьигээҥҥин ааттата тур!
– Баһыыба. Бииргэ сылдьыбыт атаһым Максим Гаврилов Аммаҕа үөрэнэ, салгыы эрчиллэ барыста. Онон иккиэн дойдубут аатын түһэн биэрбэт курдук кыһаныахпыт.
Александр
Васильев-Көрдүгэн
кэпсэттэ.