(Остуоруйа)
Биирдэ Ардах уонна Хаар былыттара утарыта көрсүһэ түспүттэр. Хаар былыта хаардаан кыыдамныырын Ардах былыта тута сөрөөн, курулас ардаҕынан уулларан испит. Онуоха, Хаар былыта, хаардыы сатаан баран:
– Тоҕо мин хаарбын суох гынан иһэҕин? – диэн ыйыппыт.
– Оттон тоҕо эн хаардыыгыный? – Ардах былыта хардары ыйытааччы буолбут.
– Маҥан хаар туох куһаҕаннааҕый? Тула өттүҥ ып-ыраас, мап-маҥан. Сир-дойду барыта хаарынан бүрүлүннэҕинэ, кир-хох көстүбэт ырааһа буолара ама баа буоллаҕай. Көрөргө да астык этэ буоллаҕа, – Хаар былыта быһаарар.
– Һы! Оттон ардах кэнниттэн сир-дойду күп-күөҕүнэн, араас сибэккинэн чэлгийэн турара туох куһаҕаннааҕый? Сир оннук кэрэ көстүүлээх буолуоҕун баҕарабын, ону эн наар мэһэйдиигин, – утарсар Ардах былыта.
– Куруук биир көстүү буола турара куһаҕан дии. Сотору-сотору уларыйа туруон наада. Эн этэр күөҕүҥ хагдарыйан, бөх-сыыс буолан, сиргэ бүтүннүү ыһыллар буолбат дуо?! Мин оннугу көрүөхпүн баҕарбаппын, ол иһин хаары түһэрэбин, – Хаар былыта бэринэр санаата суох.
– Суох, эн сыыһаҕын! От-мас көҕөрдөҕүнэ, сибэкки чэлгийэ үүннэҕинэ көтөр-сүүрэр элбиир, үөн-көйүүр үөскүүр, оҕо аймах үөрэр. Ол туох куһаҕаннааҕый?! – Ардах былыта кыыһырыахча буолар.
– Оттон хаар түстэҕинэ оҕо аймах эмиэ үөрэр буолбат дуо? Үөн-көйүүр, көтөр-сүүрэр иһийэр, сорох утуйан сынньанар, ол эмиэ туох куһаҕаннаах үһүө? Эн ону өйдүөххүн баҕарбаккын! – кыыһырбыт омунугар Хаар былыта өчөһөн туран, өссө күүскэ хаардыыр. Онуоха Ардах былыта көрүөх бэтэрээ өттүгэр ардаан, хаарын тута уулларар.
Ити курдук мөккүһэ сатаан баран, икки аҥыы арахсаллар.
Хаар былыта, кыайтарбыт абаккатыгар, Муус кудулу байҕалга олохтоох Тымныы Оҕуһугар тиийэн:
– Тымныы Оҕуһа тойон, бука диэн миэхэ көмөлөс эрэ, – диэн көрдөһөр.
– Бай, ол тугунан? – Оҕус ыйытар.
– Мин сир-дойду кирин-хоҕун кистээн, маҥан хаарынан бүрүйээри гынарбын Ардах былыта обургу мэһэйдиир, түһэрэр хаарбын тута суох гынан иһэр. Эн көмөлөстөргүн эрэ кинини кыайыах этибит, – диир Хаар былыта.
– Ээ, оҕобор көмөлөһөн бөҕө буоллаҕа, – диэтин кытта урааннаах уһун муостаах Тымныы Оҕуһа тоҥ муус түүлэрэ кыыгынаабытынан туран кэлэр уонна, уорааннаах тымныы туманынан сурдурҕата-сурдурҕата, аргыый аҕай кыаһаҥнаан, соҕуруу диэки туһаайыынан аа-дьуо саллаҥныыр. Ол кэнниттэн Муус кудулу байҕал диэкиттэн тымныы тыал үрэн сирилэтэр, хойуу туман бурҕачыйар, дьаҥ-дьаһах сатыылыыр. Ону өрүсүһэ Хаар былыта күүһэ баарынан сири-дойдуну хаарынан үллүктүүр, кыайыы өрөгөйүн билэн күннүүр.
Кыыдааннаах кыһын дьэ саҕаланар.
***
Ардах былыта хотторон, ытыы-ытыы, соҕуруу диэки сыҕарыйар. Ытаан бүтээт, уоскуйбучча, күлүмүрдэс уоттардаах Күнү көрсөн:
– Күн, Күн барахсан, көрдөһөбүн-ааттаһабын! Бука диэн миэхэ көмөлөс эрэ…
– Көмөлөс даа?.. Бай, ол тугунан көмөлөһүөх муҥмунуй? – сырылас куйааһынан сыдьаайбыт Күн ыйытар.
– Хаар былыта сүгүннээбэтэ. Муус кудулу байҕалтан Тымныы Оҕуһун ыҥыран аҕалан, мин күөҕүнэн чэлгиппит сирбин-дойдубун хаһан да ирбэт гына хаарынан үллүктээн, муус кыаһаан оҥордо. Киһини-сүөһүнү, көтөрү-сүүрэри, хамсыыр харамайы тоҥорон өлөрөрө буолла, – Ардах былыта үҥсэр. – Ол Тымныы Оҕуһу эн үүрэриҥ буоллар сирбин-дойдубун эмиэ күөҕүнэн чэлгитиэм этэ.
– Тыый, бачча көрдөспүтүҥ кэннэ оҕом барахсаҥҥа көмөлө-һүмүнэ, – диэт, Күн Ардах былытын кэнниттэн батыспытынан барар.
Аҕыс ый тухары аан туманынан бүрүллэн, тоҕус ый тухары томороон тымныыга бэринэн турбут дойдуну Күн сандаархай уотунан угуттаабытыгар, урааннаах уһун муостаах Тымныы Оҕуһун аҥаар муоһа төрдүттэн туура ыстанан лоһугур гына түһэр. Онуоха ыарыыланан, Оҕус дириҥ-дириҥник тыынан бурҕаҥнаппытыгар таныытыттан тымныы чаана бурҕачыйан тахсар, эмиэ ыар тымныы сатыылыыр.
Күн арыый өрө тахсан, илгэлээх итиинэн илгийбитигэр Тымныы Оҕуһун иккис муус муоһа булгу барар. Ону батыһа, көҥдөй муус көхсө күрүлээбитинэн күр гына сууллан түспүтүгэр, сир-дойду ураты көстүүтэ тосту уларыйа түһэр.
Аҕыс ый тухары аан туманынан аараан турбут тымныы уурайан, тоҕус ый тухары көмөн сыппыт көмүрүө хаар көҥү ууллан түспүтүгэр Ардах былыта үөрэн, илгэлээх ардаҕынан күрүлэччи кутар. От-мас тыллан, үөн-көйүүр тиллэн, көтөр-сүүрэр кэлэн, сандал саас кэмэ саҕаланар. Ол кэнниттэн чээл күөҕүнэн тэлгэммит, сибэккинэн симэммит күөх сайын сатыылыыр. Ардах былыта онтон олус үөрэр, кыайыы-хотуу үлүскэнин билэр.
Ол да буоллар, Ардах уонна Хаар былыттара күн бүгүҥҥэ диэри мөккүөрдэрэ тохтуу илик эбитэ үһү.
Григорий ФЕДОТОВ.