Биһиги оскуолабытыгар олунньу 22 күнүгэр уолаттарга аналлаах “Боотурдар оонньуулара” диэн күрэх ыытыллыбыта. Онно хас биирдии кылаастан биирдии-иккилии уол кыттыбыта. Ол курдук, V-VI кылаастартан сэттэ, VII-VIII кылаастартан биэс, IX-X кылаастартан үс уол.
Тэрээһин түөрт түһүмэхтээх ааспыта. Бастакыта – биир мүнүүтэҕэ биэс мэhэйи үрдүнэн ыстаныы. Иккис – тардыныы. Үһүс – ыараханы көтөҕүү. Төрдүс – бириэмэҕэ сүүрүү.
Күрэх сыралаах киирсиитин түмүгэр, бастакы түһүмэххэ 90-на ыстаммыт Алексей Татаринов (X «Б» кылаас) тэҥнээҕин булбатаҕа.
Иккис түһүмэххэ Дьулусхан Афанасьев, IX «Б» кылаас үөрэнээччитэ, 20-тэ тардынан, бастыҥ көрдөрүүнү ситиспитэ.
Ыараханы көтөҕүүгэ саамай күүстээх уолунан Айаал Оконешников (VI «Б» кылаас) ааттаммыта.
Бириэмэҕэ сүүрүүгэ саамай быһый кыттааччынан Валерий Богатенко (V «А» кылаас) буолбута.
Түөрт түһүмэххэ барытыгар VIII «Б» кылаас үөрэнээччитэ Володя Николаев үчүгэй көрдөрүүнү ситиспитэ.
Бу курдук “Боотурдар оонньуулара” үөрүүлээхтик, өрө күүрүүлээхтик ааспыта. Өрүү инникигэ кэскиллээх, кыайыылаах, кус быһый, ат бөҕө буолуҥ диэн уолаттарбытыгар баҕа санаабытын тиэрдэбит!
Сандаара СЕМЕНОВА,
VII «Б» кылаас,
12 №-дээх оскуола.
«Айылгы» пост.
Дьокуускай.