Мин оскуолаҕа хойутаан киирбитим. Онон бииргэ үөрэнэр оҕолорбуттан сааспынан улахан этим. Ол да иһин булка кинилэрдээҕэр эрдэ ылсыбытым.
Арай ас-таҥас уурунар ампаарбытын кырынаас буулаата. Ийэм аһын сотору-сотору буорту оҥорторон, кырынааска мөҕүттэр аҕай.
Биирдэ кутуйахха аналлаах кыра хапкааны булан, ампаар иһигэр кырынааска ииттим. Мэҥиэлиир эҥин өй суох. Хаппыыста чараас сэбирдэҕинэн саба уурдум.
Арай сарсыарда ампаарга тахсыбыт ийэм: “Айык-каа!” – диэн хаһыытыырын иһиттим. Хапкааҥҥа хаптардаҕа диэн, сонно тута ампаарга ыстанным. Онтум баара, хапкааҥҥа кэлин атаҕыттан ылларбыт кырынаас ийэм тарбаҕын ытырбыт! Дьиҥинэн, ийэбиттэн куотан иһэн, хапкааҥҥа хаптарбыт.
Иккиэн “сэриилээн”, кырынааспытын кыайдыбыт. Бултуйбут дьон быһыытынан, үөрэн-көтөн, аҕабытыгар таһааран биэрдибит. Ону сүлэн, тириитин лааппыга (маҕаһыыны инньэ дииллэрэ) туттаран, кыра харчыны ылбыт этэ. Бэйи, оччолорго биир тииҥ тириитэ 15 харчы, оттон кырынаас күндү түүлээхтэргэ киирсэр буолан, тириитэ 76 харчы этэ! Онно үс аҥаар буулка килиэби атыылаһыахха сөбө…
Малдьаҕарга көһөн кэлэн баран, хаарга кырынаас чээччэйбит суолун көрдүм. Оҕо сааспын санаан, оҥостон кэлэн, хапкаан ииттим. Кыра быччыкынан мэҥиэлээтим. Хас да хонон баран кэлбитим, арай… иҥнибит! Буолаары буолан, уруккубар холоотоххо, улахана сүрдээх. Байанайбар махтанан баран, дьиэбэр илдьэн, булчут кынным Ньукулайга биэрдим. Өссө: “Бу кыылы сүлэн бадьыыстаһар бириэмэм суох. Бэйэҥ ааккыттан маҕаһыыҥҥа туттар!” – диэн саҥалаах буоллум. Ньукулайым үөрүүнү кытта ылла.
Онтон Маалыкайга олорон, кырынааһы элбэхтик бултаһа сатаабытым. Сороҕор уурбут мэҥиэбин сиэбит буолара эрээри, биирдэ даҕаны иҥнибэтэҕэ. Арааһа, анаан-минээн өлүүлээбит улахан кырынааспын ылбатаҕа диэн, Байанайым хомойбута дуу…
Василий
Ксенофонтов,
РСФСР норуотун үөрэҕириитин туйгуна,
педагогическай
үлэ бэтэрээнэ.