Кэнники күннэргэ Хотугу Кэриэйэ 33 саастаах Президенэ Ким Чен Ын Американы кытта улахан иирсээни таһаарда. Кини Гуам диэн АХШ байыаннай базатын уонна Японияны ракеталарынан ытыалыах буолар. Тоҕо диэтэххэ, бу улуу дойдулар Хотугу Кэриэйэни утары атаҕастабылаах политиканы ыыталлар, экономическай уонна политическай санкциялары оҥороллор.
Аппыта ыраатта
Дьиҥинэн, бу икки дойду сыһыаннара буорту буолбута ыраатта. Ол бэйэтэ туспа историялаах. 1905 сылтан ыла Кэриэйэ Япония протектората этэ. Оттон 1910 с. бу судаарыстыбаҕа холуонньа буолан, тутулуга суоҕун сүтэрбитэ. 1941-1945 сыллардаах сэриигэ ССРС Германияны кыайан баран Японияны утары сэриини саҕалаабыта. 1945 сыл атырдьах ыйыгар Сэбиэскэй сэриилэр Кэриэйэ хотугу өттүгэр киирбиттэрэ. Ити кэмҥэ Кэриэйэ соҕуруу өттүгэр Америка сэриилэрэ киирбиттэрэ уонна онтон дьоппуон сэриилэрин үүрэ сатаабыттара. Биһиги сэриилэрбит Ким Ир Сени, оттон американецтар Ли Сын Маны өйөөбүттэрэ. Бу сэриилэр Кэриэйэ 38-с параллелыгар кэлэн тохтообуттара уонна бу дойдуну икки аҥыы араарбыттара – Соҕуруу уонна Хотугу диэн.
1953 сыл атырдьах ыйын 27 күнүгэр Хотугу Кэриэйэ, Кытай уонна ХНТ (АХШ) сэриилэрин тохтотор туһунан Сөбүлэһиигэ илии баттаһыыта буолбута. Соҕуруу Кэриэйэ бу докумуоҥҥа илии баттаабатаҕа. Онон дьиҥэр, сэрии тохтооботоҕо диэххэ сөп. Эйэ дуогабара билигин да суох. Онон боппуруос быһаарыллыбакка сылдьар.
Сэрии түмүктэммитэ дуо?
Бу сэриигэ биир мөлүйүөн курдук кытай саллаата кыттыбыта.ССРС артиллериянан уонна байыаннай сөмөлүөтүнэн көмөлөспүтэ. Кинилэр американецтар 1200-1300 бомбардировщиктарын суулларбыттара, биһиэннэрэ 335 сөмөлүөтү сүтэрбиттэрэ. 120 летчик өлбүтэ. Итини тэҥэ, 300-чэкэ саллаат уонна офицер сиэртибэ буолбуттара.
Американецтар 40-ча тыһыынча киһини сүтэрбиттэрэ. Манна саха уолаттара Сэбиэскэй Аармыйаҕа сулууспалыы сылдьан кыттыбыттара биллэр. Кытайдары Пэн Дэхуай , биһиэннэрин генерал-лейтенант В.И.Разуваев хамаандалаабыттара.
Билиммэт
Хотугу Кэриэйэ сэрии итинник түмүгүн билиммэт. Кэриэйэ диэн биир судаарыстыба буолуохтаах, онон Соҕуруу Кэриэйэ биһиэхэ холбоһуохтаах диир. Ким Чен Ын итинник холбоһууну АХШ соруйан утарсар диэн, кинилэри буруйдуур. Онуоха эбии Америка билиҥҥи Президенэ Дональд Трамп Хотугу Кэриэйэ атомнай сэрии сэбин тутуннаҕына, бу дойдуну имири сотуом диэн суоһурҕанар. Итинтэн сылтаан аан дойду үһүс атомнай сэриитэ буолуо диэн куттал үөскүүр.
Россия тугу толкуйдууруй?
Россия манна ханнык политиканы тутуһарый? Биһиги атомнай сэрии сэбин боруобалааһыны утарабыт, онон манна Ким Чен Ыны өйөөбөппүт. Аны Американы утары сэрии буолуон баҕарбаппыт. Икки Кэриэйэ холбоһуутун политическай эрэ миэрэлэринэн быһаарыахха сөп диэн санаалаахпыт. Ол эрээри, мин санаабар, бу дойдуларга араас-араас политическай режим баарынан сибээстээн, билиҥҥи кэмҥэ дойдулар бииргэ холбоһор усулуобуйалара суох. Онон эйэлээхтик эрэ олоруохтарын наада.
Идеологиялар атааннаһыылара
Биир сүрүн биричиинэ—идеологиялар атааннаһыылара. Соҕуруу Кэриэйэ капиталистическай дойду. Онон манна либеральнай идеология баһылыыр. Оттон Хотугу Кэриэйэҕэ “хааннаах диктатор режимэ баар”, дииллэр. Кырдьык, Ким Чен Ын “саахар” курдук киһи буолбатах эбит. Кини 2012 с. ыла 70-ча киһини репрессиялаата. Ол иһигэр, хаан-уруу таайын өлөттөрбүтэ. Ити биллэринэн. Кини “чучхе” диэн үөрэҕи сайыннарда. Билигин бу идеология төрдүгэр “аармыйа—кэриэй норуотун күүһэ” диэн этиллэр буолла.
Урут Хотугу Кэриэйэ аан дойдуга баар ханнык да лааҕырдарга, байыаннай бөлөхтөргө киирсибэт дойдулары баһылыан баҕарара. Билигин оннук судаарыстыбар хаалбатахтарын кэриэтэ. Бары хайа эрэ диэки ханньары тартаран хааллылар.
Онон Хотугу Кэриэйэ байыаннай күүстээх-уохтаах эрэ буоллаҕына, тыыннаах хаалыан сөп курдук. Атомнай буомбаланыы – бу кинилэргэ олох, эбэтэр, өлүү боппуруоһа буолла. Ону биир өттүттэн сыаналаатахха, эмиэ да сөп курдук. Политикаҕа дөбөҥнүк быһаарыллар боппуруос диэн суох.
Туох буолуой?
Түмүгэр, тугу көрөбүт?
Бастакытынан, Кэриэйэ боппуруоһун сөпкө быһаарыахтаах эйэлээх дуогабар суох. Сэрии тохтоон эрэ турар, хаһан баҕарар саҕаланар кыахтаах.
Иккиһинэн, икки Кэриэйэ ыккардыгар саамай элбэх артиллерия уонна байыаннай күүс мунньулла сытар. Нууччалыы эттэххэ – “пороховой погреб” буолбут. Ол аата, аан дойду сэриититтэн биһиги кыл мүччү куотан олоробут.
Үсүһүнэн, Кэриэйэ боппуруоһа АХШ, Кытай, Россия курдук күүстээх судаарыстыбалар тыын интэриэстэрин таарыйар. Ол аата, аан дойдуга тыҥааһыны үөскэтэр.
Онон Америка уонна Хотугу Кэриэйэ ыккардыларыгар сымнааһыны саҕалыахха наада. Ону хайдах тэринэбит?
Николай Слепцов,
политолог.