Мин айылҕа биир дьикти көстүүтүн кэпсиэхпин баҕарабын. Ону бу сайын көрбүтүм.
Биирдэ халлаан хара-ҥарыар, сулус тахсыар диэри оттообуппут. Аҕам миэхэ халлааҥҥа спутник сылдьарын көрдөрө сатаабыта да, сулустар быыстарыттан кыайан булан көрбөтөҕүм. Онтон ол турдахпытына, араас өҥнөөх сардаҥа уота суһумнаабыта. Аҕам ити дьүкээбил буоларын, тоҕо итинник көстүүлэнэрин быһааран кэпсээбитэ. Бу айылҕа биир дьиктитин аан маҥнай сөҕө көрбүтүм.
Эльдар Потапов,
Саха-политехническай лицей,
Дьокуускай.