Бүгүҥҥү нүөмэрбит ыалдьыта айылҕаттан талааннаах, хоһоону суруйар, ону таһынан өссө бэйэтэ матыып айан ыллыыр “Биир тэтим” бөлөх салайааччыта Николай НОВГОРОДОВ.
– Мин Уус Алдан улууһун Тумул бөһүөлэгиттэн төрүттээхпин. Оҕо сааһым умнуллубат күннэрэ онно ааспыттара. Кыра сылдьан туох баар тэрээһиннэргэ барытыгар кыттан иһэрим. Ол эрээри ырыаһыт буолуом диэн санааҕа да суоҕа. Дьокуускайга үөрэнэ киирэн баран, гитараны толору баһылаан, ырыа алыптаах долгунугар уйдарбытым.
– Коля айар үлэҥ туһунан кыратык сырдатыаҥ дуо?
– Бэйэм 10 сааспыттан саҕалаан хоһоон суруйан барбытым. Улаатан истэҕим ахсын бу айбыт хоһооннорбун ситэрэн, тупсаран иһэрим. Ол кэннэ гитара алыптаах дорҕоонугар угуттанан, бу хоһооннорбор матыыптары толкуйдаан, уостан түспэт ырыаларга кубулуттум. Матыыптарын толкуйдуурбар гитарам барахсан күүс-көмө буолар.
Холобур, “Ийэбэр” диэн хоһооммун 11 сааспар сылдьан саҕалаабытым. Бу хоһоон төрөппүт ийэбэр ананар. Хас биирдии киһи күндүтүк саныыр киһитэ ийэтэ буоллаҕа.
“Биир тэтим” диэн бөлөххө барыта уулусса оҕолорун муспутум. Ол эбэтэр талааннаах эрээри, сыанаҕа тахсыбатах, ураты дьоҕурдаах дьон сомоҕолоһон, бары бииргэ ыллыыбыт-туойабыт. Бу бөлөххө баар ырыаһыттар бэйэлэрэ тус-туһунан истииллээхтэр. Эдэр ыччат иһигэр киэҥник тарҕаммыт @krolikbro регги уонна битбокс истиили тутуһар.
Хоһоону айар иэйиим үксүгэр дьыл уларыйыытыгар, ол эбэтэр саас уонна күһүн киирэр. Аны айбыт хоһооннорум барыта тус бэйэм олохпуттан буолаллар. Ырыа буолбут хоһооннорбун наһаа тарҕата сатаабаппын.
“Гитара” диэн ырыабын айан таһаарарбар остуоруйалаах этэ. Саҥа устудьуоннуу киирэн баран, ырыаһыт эрэ буолуом диэн санаа отой суоҕа. Биир үтүө күн үөрэхтэр икки ардыларыгар сэрии тиэмэтигэр аналлаах ырыа күрэҕэ буолбута. Онно бэйэм суруйбут ааптарыскай ырыабын ыллаан бастаабытым. Ол кэннэ кыайыылаахтар Владивосток куоракка буолбут “Студвесна” диэн фестивальга Саха сирин аатын көмүскүү барбыппыт. Онно, Балаһыанньа быһыытынан, бэйэҥ суруйбут сэрии тиэмэтигэр аналлаах ырыалаах буолуохтаах этиҥ. Толкуйдаан баран, сөмөлүөтүнэн көтөн иһэн, “Гитаранан ыллаан көрдөхпүнэ, хайдах эбитэ буолла?” – диэн санаалар үөскээбиттэрэ. Мин иннибинэ Тыва уола бэйэтин тылынан ыллаабыта, ону, биллэн турар, Дьүүллүүр сүбэ өйдөөбөтөҕө. Ол иһин тахсаары туран, гитарабын ыламмын, сэрии туһунан ырыабын нууччалыы тылбаастаан ыллаабытым. Онно элбэх киһи биһирэбилин ылбытым. Онтон, дьэ, бу “Гитара” диэн ырыам баар буоллаҕа эбээт.
Киһи эрэ барыта хоһоон суруйар, айар дьоҕурдаах буолбат. Ону саныыбын ээ, бу миэхэ айылҕаттан бэриллибит талааммын – ырыаны кытта ситимнээн, үрдүгү дабайыахха сөп эбит диэн. Бу инники былааннарым өссө сайдан, бэйэм олохпор көрсүбүт түгэннэрбин хоһоон гынан хаалларан, инники кэлэр көлүөнэбэр уостан түспэт ырыаларга кубулуйалларыгар дьулуһабын.
Мин айар үлэм инникитин бэйэбэр туһалаах буолуо диэн бигэ эрэллээхпин. Бу маны таһынан, араас биэчэрдэри тэрийэн ыытабыт. Аһымал кэнсиэрдэргэ кыттаммыт, бэйэбит айан таһаарбыт ырыаларбытын дьоҥҥо-сэргэҕэ иһитиннэрэбит.
Иннокентий Владимиров.