Таастаах оскуолатыгар алтынньы 16 — 21 күннэригэр Ийэ күнүгэр аналлаах нэдиэлэ буолан ааста. Нэдиэлэ устата араас интэриэһинэй тэрээһиннэр буоллулар.
Ааспыт нэдиэлэ бастакы күнүгэр ийэлэр төгүрүк остуол тула мустан оҕону сөпкө иитии туһунан социальнай педагогу Нелли Винокурованы кытта сэһэргэстилэр.
Ону таһынан оскуола учууталлара ийэлэргэ анаан маастар кылаастарын ыыттылар. Ол курдук Ольга Аргунова араас аһылыктары хайдах оҥоруохха сөбүн туһунан кэпсээтэ, үөрэттэ уонна баар рецептарын үллэһиннэ. Онтон Горохова Саргылаана хаһыаттан дьиэҕэ туһалаах маллары өрөргө бастакы хардыыларын көрдөрдө. Мантан кэлин өссө бисертан дьэрэкээн киэргэл оҥорого үөрэтэрин болдьостулар.
Нэдиэлэ үһүс күнүгэр ийэлэргэ аналлаах кэпсэтиини дириэктэри иитэр улэҕэ солбуйааччы Мария Борисова тэрийдэ, уонна психологическай трениҥы оскуола психолога Наталья Винокурова ыытта.
Алтынньы 20 күнүгэр «Мин оҕобун кытта» диэн сэргэх тэрээһин буолла. Ийэлэр оҕолорун кытта тэҥҥэ оонньоотулар, сэргэхсийдилэр, астыннылар. Нөҥүө күнүгэр, субуотаҕа оскуола оҕолоро эҕэрдэ кэнсиэр көрдөрдүлэр, ийэлэригэр махталларын биллэрдилэр.
М.В. Петрова аатынан Таастаах сүрүн оскуолатын медиакиинэ,
Нам улууһа.