Быйыл «Көтүөххэ үрдүккэ хотойдуу» өрөспүүбүлүкэтээҕи уоланнар ааҕыылара 18-с төгүлүн ыытылынна.
Саха уола сайдарын, төрөөбүт тылынан иитиллэрин туһугар 18 сыл устата тэппит атаҕын кубулуппакка, иилээн-саҕалаан илдьэ кэлбит киһинэн тэрээһин ааптара Акулина Николаевна Кузьмина буолар. Кини Д.П. Коркин аатынан Чурапчы өрөспүүбүлүкэтээҕи олимпийскай резервэлэри бэлэмниир спортивнай интэринээт оскуолатын саха тылын, литературатын учуутала.
Сыл аайы бу тэрээһин ис хоһооно дириҥээн, ыытыллар киэбэ кэҥээн иһэрэ олус хайҕаллаах. Быйыл биһиги оҕолорбут “Сосновый бор” оҕо сынньанар, чэбдигирэр киинигэр уон хонук буор босхо сынньанан, эмтэнэн, араас дьарыктарга сылдьан кэллилэр. Оҕону сайыннарар дьарыктар, тэрээһиннэр быыстала суох буоллулар. Ол курдук артыыстары, салайааччылары, суруйааччылары, эдэр ыччаты кытта көрсөн, элбэххэ үөрэннилэр, үгүс саҥаны биллилэр-көрдүлэр, үөрэннилэр. Холобур, А.Д. Макарова аатынан Дьокуускайдааҕы култуура уонна ускуустуба кэллиэһин преподавателэ, диктор Сардаана Федорова бэйэтин үөрэнээччилэрин, кэллиэс устудьуоннарын кытта кэлэн тыыныыга, хайдах саҥарарга (риторика дьарыгар) маастар-кылаас биэрдэ. Үүнэр көлүөнэ тыйаатырыгар сырыттылар. Саха араадьыйатыгар, ТВ, “Кэскил” оҕо хаһыатыгар интервью биэрдилэр, сэһэргэстилэр.
Алтынньы 17 күнүгэр Ф.И. Авдеева аатынан Оҕо дыбарыаһыгар XVIII өрөспүүбүлүкэтээҕи «Көтүөххэ үрдүккэ хотойдуу» уолан ааҕыыларыгар биһиги гимназиябыт икки бөлөҕө «Умсулҕан» (VIII кылаас), «Өркөн» (X кылаас) ситиһиилээхтик кыттан, II истиэпэннээх дипломант аатын ыллылар.
“Бастыҥ ааҕааччы” куонкуруска кыттар чиэһи Андрей Михайлов (VIII кылаас), уонна Андрей Степанов (X кылаас) ыллылар. Түмүккэ Андрей Степанов муҥутуур кыайыылаах аатын ылан, «Өрөгөй» диэн анал ааты тутта уонна тохсунньу ыйга Ил Дархан Саҥа дьыллааҕы харыйатыгар сылдьар улахан чиэскэ тигистэ. Андрей 5-с кылаастан хоһоон ааҕан, өр сылларга сыламтата суох үлэлээбит үлэтин түмүгэ буолар.
“Уолан ааҕыыларыгар” кыра эрдэҕиттэн дьарыктаммыт, улуустааҕы, өрөспүүбүлүкэтээҕи, бүтүн Арассыыйатааҕы научнай кэмпириэнсийэлэргэ, ааҕыыларга ситиһиилээхтик кыттыбыт, дьарыктаммыт, үөрэх бастыҥа, общественник, оҕо хамсааһынын көхтөөх лиидэрэ Олег Макаров Ыччат министиэристибэтиттэн “Дьулуур” бэлиэнэн наҕараадаланна. Олег бу улахан наҕараадатын чиэстээхтик сүгэн, аатын ааттатыа диэн эрэнэбит.
Акулина Николаевна Кузьмина уол оҕо сайдарын туһугар үлэлэтэр бырайыага күн-дьыл өксүөнүн аахсыбакка, өссө да үлэлии турдун. “Сосновый бор” оҕо чэбдигирэр-сынньанар киинин үлэһиттэригэр, бырайыак ааптара, салайааччы Акулина Николаевна Кузьминаҕа, кыра кылаастан дьарыктыыр учууталбыт Фекла Николаевна Болдовскаяҕа, гимназиябыт салалтатыгар, төрөппүттэргэ дириҥ махталбытын тиэрдэбит.
Ньургуйаана ЕГОРОВА, IX “А” кылаас, “Тумус кыһа” пресс-киин,
С. К. Макаров аатынан Чурапчы гимназията