Амма улууһун Сулҕаччы нэһилиэгэр Айыллаана уонна Айсена диэн сүрдээх талааннаах, барыга иннилэринэн эдьийдии балтылыы Сазоновтар олороллор. Айсена «Чычып-Чаап» оҕо саадын иитиллээччитэ, Айыллаана Сулҕаччы орто оскуолатын 1 кылааһын бүтэрбит. Кыра эрдэхтэриттэн барыны-бары интэриэһиргии, сонурҕуу көрөллөр. Ылсыбыт дьыалаларын түгэҕин хайаан да тиһэҕэр тиэрдэллэр. Төрөппүттэрэ онно тирэх буолаллара тута көстөр.
Кыргыттар оҕо саада, оскуола тэрээһиннэригэр барытыгар кытта сатыыллар эбит. Ыллыыллар, үҥкүүлүүллэр. Маны таһынан, биир да куонкуруһу, күрэҕи көтүппэттэр. Туоһу сурук, махтал сурук энчирэппэккэ туталлар. Иллэҥ кэмнэригэр нэһилиэк бибилэтиэкэтигэр сылдьан кинигэ уларсан ааҕаллар. Ол да иһин буолуо, олус чобуолар. Былырыын 2022 сыллаахха ийэлэрин кытта улуустааҕы «Кэрэ ситимэ» диэн үҥкүү күрэҕэр 1 миэстэ буолан ситиһии үрдүк чыпчаалын билбиттэр. Маны таһынан, өрөспүүбүлүкэтээҕи дьиэ кэргэнинээн хоһоон ааҕыытын күрэҕэр ситиһиилээхтик кыттыбыттар. Онно аҕалара Дмитрий Данилович эмиэ кыттыыны ылбыт.
Сардаана Семеновна: «Мин бэйэм оҕо саадыгар делопроизводителынан үлэлиибин. Икки оҕолоохпун. Кыргыттарбынаан араас куонкурстарга барытыгар кытта сатыыбыт. Наһаа сөбүлүүбүт. Аны оҕолорум кыра эрдэхтэриттэн инник кыттар буоланнар, эмиэ олус астыналлар. Ааҕалларын сөбүлүүллэр, «Чуораанчык» сурунаалы суруйтаран ааҕабыт, бибилэтиэкэттэн кинигэ арааһын уларсабыт уонна атыылаһабыт. Хас биирдии ыал мин санаабар, кинигэ долбуурдаах буолуохтаах. Оччоҕо оҕо сайдар, буукубаны, кэрэни кэрэхсиирэ улаатан истэҕин аайы эбиллэр дии саныыбын. Ойууну көрөллөрө да оҕоҕо элбэҕи биэрэр», — диэн ийэлэрэ сэһэргиир.
Айыллаана уонна Айсена 2019 сыллаахтан иһигэр сюрпризтаах сымыыт быһыылаах сакалаат оонньуурдарын муһар идэлэммиттэр. Билиҥҥи туругунан 220 устуука буолбут. 2022 сыллаахха өрөспүүбүлүкэтээҕи «Мир увлечений-я коллекционер» күрэххэ кыра саастаах оҕолорго ситиһиилээхтик кыттан, 3 миэстэ буолбуттара. Аныгы олох сиэринэн, төлөпүөҥҥэ оонньууллар, бэйэлэрэ видео устан холоноллор. Айыллаана оннооҕор, онлайн пионинаҕа оонньуурга үөрэммит.
Сардаана Семеновна: «Мин бэйэм оҕо эрдэхпиттэн оҕолорум курдук барытыгар кыттарым. Үҥкүүлүүрбүн сөбүлүүр этим. Ол иһин буолуо, кыргыттарбар эмиэ ону иҥэрбиппин. Оҕо маннык кыттан бэйэтигэр эрэллээх, кыбыстыбат, тирэхтээх буолар дии саныыбын. Бэйэтигэр бүкпэт. Оҕо иитиитэ дьиэ кэргэнтэн саҕаланар. Оҕо саада, оскуола биһиэхэ көмө уонна сирдьит буолаллар. Онтон биһиги төрөппүттэр ону оҕолорбутугар көрдөрөн, кэрэҕэ туһаайан биэрэбит дии саныыбыт. Салгыы оҕо ону барытын иҥэринэн, бэйэтин булан киһи буолан тахсыахтаах.»
Нюргуяна Захарова
1
Наьаа да кэрэ, талааннах дьиэ кэргэттэркыргыттар маладьыастар!