Бу күннэргэ Төҥүлү, Тумул уонна Дьабыл оскуолалара «Бииргэ айабыт-тутабыт» («Вместе творить») диэн бырайыак чэрчитинэн бастакы тэрээһиммитин ыыттыбыт. Үлэни Тумул орто оскуолата саҕалаата.
Онон үс оскуола активистара Тумулга көрүстүбүт. Биһиги Төҥүлүттэн 15 буоламмыт икки салайааччыбытын кытта айаннаан тиийбиппит.
Сүрүн сыалбыт-сорукпут – бэйэ-бэйэбитин кытта билсиһии, бырайыакпытын билиһиннэрии уонна бастакы тэрээһиммитин ыытыы. Мин манна Дьабыл орто оскуолатыттан кэлбит Өктөмҥө Билим дьоҕус академиятыгар «Кэскил» Медиа-ракета» сменатыгар бииргэ сылдьыбыт юнкор доҕорбун, VI кылаас үөрэнээччитин Ярик Прокопьевы көрүстүм.
Тумул нэһилиэгэр барыта 754 киһи олорор эбит. Мантан 127 оҕо оскуолаҕа үөрэнэр, 42 оҕо оҕо саадыгар сылдьар. Тумул оскуолата «оскуола-сад» диэн буоларын биллим. Социалистическай Үлэ Геройа Тарас Гаврилович Десяткин аатын сүгэр.
Активист оҕо – диэн олоххо көхтөөх, туохха барытыгар бэйэтэ этэр санаалаах уонна атын оҕолору кытта билсиһэн сайдарга баҕалаах оҕо.
Бу айаҥҥа биһиги бэйэ-бэйэбитин кытта үчүгэйдик билистибит. Инникитин эмиэ кэккэ былааннары ылынныбыт. Үс өттүттэн бары үөрэммит, астынаммыт үөрэ-көтө дьиэбитигэр төнүннүбүт.
Гаврил ПРОКОПЬЕВ, VII кылаас, Төҥүлү, Мэҥэ Хаҥалас