Бу күннэргэ биһиэхэ бары кылаас чаастар, тэрээһиннэр Россия байыаннай албан аатын күнүн биирдэстэрин – Аҕа дойду көмүскээччитин күнүгэр туһаайан ыытыллаллар.
“Улааттахпытына аҕа дойдуну көмүскүүргэ бэлэммит” диэн девизтээх «Армейскай оонньуулар» алын кылаас сүһүөх уолаттарыгар аналлаах тэрээһин буолан ааста.
I-IV кылаас уолаттара икки хамаандаҕа арахсан күөн көрүстүлэр. Бастакы хамаанда «Силачи», хапытаан Эльдар Стручков, III кылаас үөрэнээччитэ. Иккис хамаанда «Россия, вперёд!», хапытаан Альфред Оконешников, IV кылаас үөрэнээччитэ. Уопсайа түөрт түһүмэҕи аастылар. Ким сытыы харахтааҕын, быһыйын-сымсатын билээри күрэхтэстилэр. Көрөөччүлэр да, кыттааччылар да «ойбонтон балыктааһын» уонна «снайпер» түһүмэхтэри сөбүлээтилэр. Түмүккэ доҕордоһуу кыайда!
***
Күрэхтэһии кэнниттэн мин уолаттар улааттахтарына ханнык чааска сулууспалыахтарын баҕаралларын туһунан ыйыталастым.
Дима Ноев, I кылаас: «Мин улааттахпына аҕам Владимир Ноев курдук ВДВ-га сулууспалыам, дойдубун көмүскүөм».
Альфред Оконешников, IV кылаас: “Оскуоланы бүтэрэн баран, олохпун дьону харыстыыр идэни кытта сибээстиэм этэ, холобур, ОМОН буолуом диэн баҕа санаалаахпын”.
Михаил Горохов, I кылаас: «Мин спецназ буолуом, парашютунан ыстаныам».
Айаан Куприянов, III кылаас: «Танковай чааска сулууспалаан, танкист буолуом этэ»
Айгын СОТРУДНИКОВ, VI кылаас,
«Түгэһиир саһарҕалара» пресс-киин, Баатаҕай Алыыта, Эбээн Бытантай.