Мин тренерым Владимир Николаевич Архипов А.А. Иванов-Күндэ аатынан Кутана орто оскуолатын дириэктэрэ. Кини миигин кыра оҕо сааспыттан мас тардыһыытыгар дьарыктыыр.
Тренерым элбэх күрэххэ кытыннарбыта. Ол аата — күүскэ эрэнэр. Эрэлин түһэн биэрбэтэхпиттэн үөрэбин. Владимир Николаевич олоххо, спортка, чөл олоххо көрүүтэ, үлэтигэр бэриниилээҕэ — холобур буолар. Кини бэйэтэ бу күһүн Москваҕа силовой спортка бэтэрээннэргэ чемпион буолбута.
Унньуктаах уһун-киэҥ, утумнаах дьарыктаныылар 2020 сылтан саҕаламмыттара. Ол курдук, мин эмиэ 2022 сыллаахха балаҕан ыйыгар Чебоксары куоракка буолбут Россия чемпионатыгар чөмпүйүөн үрдүк аатын ылбытым, өрөспүүбүлүкэҕэ 2 төгүл чөмпүйүөннээбитим.
Быйыл олунньу 18-19 күннэригэр Александр Константинович Акимов аатынан Саха Өрөспүүбүлүкэтэ таһымнаах мас тардыһыы муҥутуур кыайыылааҕа буоллум. 50 000 солк. харчынан наҕараадаланным. Ол онтон олус үөрдүм.
Биһиги бииргэ төрөөбүттэр биэспит, 2 улахаттар устудьуоннар. Эдьиийим Александра 9 кылааска үөрэнэр, кини эмиэ мас тардыһыыга элбэх ситиһиилээх. Эдьиийбин кытары төрөөбүт күммүт биир күҥҥэ, биир ыйга. Биһиги ситиһиилэрбит төрөппиттэрбэр эмиэ үөрүүнү аҕалар, кинилэргэ махтал.
Инники күрэхтэһэр санаалар, былаан элбэх, баҕа баһаам.
Түгэнинэн туһанан, миигин спорт эйгэтигэр уһуйбут тренербин Владимир Николаевиһы Аҕа дойдуну көмүскээччилэр күннэринэн эҕэрдэлиибин! Убаастыыр, сүгүрүйэр киһибэр махталым муҥура суох.
Коля Иванов, 8 кыл. «Кутана кыымнара» эдкорпост.