Төрөөбүт Ийэ тыл, тылынан уус-уран айымньы хас биирдии саха киһитин олоҕун ситимниир, култууратын салайар аналлаахтарын умнар табыллыбат. Өссө сайыннаран, көлүөнэттэн көлүөнэҕэ бэриллэн иһэрин курдук ахсаабат үлэ барыахтаах.
Ороһу орто оскуолатын үөрэнээччилэрэ төһө төрөөбүт тылларынан сыыс тылы туттубакка саҥаралларын быһаара, улууска «Ийэ тыл» түмсүү салайааччыта Бурхалей Степанович Макаров, бу түмсүү актыыбынай кыттыылааҕа Варвара Васильевна Васильева кэлэн бардылар.
Кинилэр лингвистика билимин дуоктара Нина Иннокентьевна Иванова, тыл билимин хандьытаата Аина Гаврильевна Филиппова, Саха сирин «Ийэ тыл» түмсүүтүн салайааччыта Вилюяна Николаевна Никитина оҥорбут оҕо төрөөбүт тылын билэр таһымын чинчийии ньыматын туттан Үөһээ Бүлүү улууһун оскуолаларын барытын хабан улахан хабааннаах үлэни ыыта сылдьаллар.
Бурхалей Степанович, Варвара Васильевна Ороһу оскуолатыттан 58 оҕону кытта билистилэр, кэпсэттилэр. Кэпсэтии түмүгэ хойут биллэр дэстилэр.
Алина Яковлева, «Тымтык» эдкорпост, Ороһу.