2023 сылы Владимир Путин «Учуутал уонна наставник» сылынан биллэрбитин бары билэбит. Онон туһанан, киэҥ туттар бэтэрээн учууталбыт туһунан кэпсиэхпит этэ.
Колесова Анна, алын кылаас учуутала этэ. Билигин бочуоттаах сынньалаҥҥа олорор. Колесова Анна оскуоланы бүтэрэн баран оччотооҕу бачыымы тутуһан, төрөөбүт дойдутугар совхозка үлэлии хаалбыт.
Кини 1971-1976 сылларга ньирэй көрөөччүнэн бэрт таһаарыылаахтык үлэлээбитин түмүгэр, 1973 сыллаахха «За трудовое отличие» мэтээлинэн наҕараадаламмыт. Маны тэҥэ, бу сыл Дьокуускай куоракка буолбут Бүтүн Сойуустааҕы социалистическай куоталаһыы кыайыылаахтарын өрөспүүбүлүкэтээҕи слеттарыгар кыттан, «Молодой передовик производства» диэн бэлиэни ылбыт. 1974 сыллаахха 26-ыс комсольскай конференцияҕа делегатынан талыллыбыта. 1975 сыллаахха уобаластааҕы 27-ис комсомольскай конференцияҕа ыҥырыллан сылдьыбыта.
Онтон Бүлүүтээҕи педагогическай училищены бүтэрэн баран алын кылаас учууталынан дойдутугар Өлөөкө-Күөлгэ төннөн кэлэн үлэлээбитэ.
Биһиги бэтэрээн учууталбыт тыа хаһаайыстыбатын биир бастыҥ үлэһитэ буола сылдьыбытын саҥа билэн олус сөхтүбүт. Киниэхэ чэгиэн доруобуйаны, уһун дьоллоох олоҕу баҕарабыт.
Өлөөкө-Күөл орто оскуолатын 11 кылааһа