Былыыр-былыр хоту сиргэ биир куобах уонна саһыл дьукаахтаһан олорбуттар. Куобах кэрэни кэрэхсиир, уруһуйдуур талааннаах уонна наһаа үлэһит эбит. Оттон саһыл эмиэ, куобах курдук, муус маҥан өҥнөөх, ол эрэн олус сүрэҕэ суох эбит.
Дьукаахтаһан да олордоллор, туох баар үлэни куобах гынара. Оттон саһыл мааны маҥан түүтүн ыраастанара, сиэркилэҕэ көрүнэрэ, күн аҥара утуйара уонна бэлэмҥэ олороро.
Арай биирдэ, Саҥа Дьыл бырааһынньыга чугаһаабыт кэмигэр, саһыл күн ортото уһуктубут. Көрбүтэ, дьиэҕэ ким да суох, ас да бэлэмнэммэтэх, оһох да оттуллубатах. Саһыл тоҥмут, аччыктаабыт. Куобаҕы кэтэспит да, киһитэ мэлигир. Кыыһырбыт саһыл таһырдьа куобаҕы көрдүү тахсыбыт. Хомурахха батыллан, тымныыттан үлүйэ сыһан, кыыһыра-кыыһыра, атах балай баран испит. Арай көрбүтэ, аарыма талах анныгар куобах уруһуйдуу олорор эбит. Саһыл абатыйа-абатыйа хаһыытаабыт:
— Хайа, бу тоҕо ас астаабакка, оһох оттубакка манна кэлэн ойуулана олороҕун?!
— Ээ-ээ, бэйи тохтуу түс, бу кэрэ көстүүнү куоттаран кэбиһиэм дуо?
— Оччоҕо мин аччык сылдьабын дуо? Түргэнник бүт!
Саһыл дэлби кыыһырбыт, куобахха сулбу хааман тиийбит, абатыйбыт омунугар куобахха ыстаммыт. Ону эрэ күүппэтэх куобах муҥнаах кырааскаларын мүлчү тутан саһыл үрдүгэр кыһыл кырааскатын тохпут. Дьэ, доҕоор, саһыл баары бэйэлээх мааны маҥан саҕынньаҕын буортулатан киҥэ-наара холлубут. Куобах араас өҥнөөх кырааскаларын ылан тоҕо ыспыт.
Ыһыллыбыт кырааскалар салгыҥҥа өрө көтөн тахсан халлааҥҥа сүтэн симэлийбиттэр. Куобах барахсан кутталыттан куотар эрэ аакка түспүт. Дьиэтигэр барбакка, ойуурга хорҕойбут. Онтон ыла икки дьукаахтар эйэлэрэ арахсыбыт. Саһыл онтон ыла кыһыл өҥнөммүт. Маҥан мааны саҕынньаҕын буортулаабыт куобаҕы абатын-сататын таһаарынаары өрүү эккирэтэр. Оттон ыһыллыбыт кырааскалар халлааҥҥа тымныы эрэ буоллар тырымнаһан көстөллөр. Ону биһиги дьүкээбил уота диибит.
Диана СЛЕПЦОВА, 11 кылаас үөрэнээччитэ,
Орто Халыма, Өлөөкө-Күөл б.
1
Наһаа үчүгэй остуоруйа