Биһиги аттыбытыгар оҕо сааспытын киэргэтэр, ол туһугар үлэлиир дьоннор бааллара олус үчүгэй. Оннук дьоннорунан биһиги, Сааскылаах оҕолоро, Светлана Александровна, Егор Ильич Неустроевтары ааттыыбыт.
Кыра эрдэхпиттэн ыллыырбын, үҥкүүлүүрбүн сөбүлүүр буоламмын, гимназиябыт иһинэн баар “Тэбэй” этно-вокальнай ансаамбылга дьарыктанабын уонна наар “мин эмиэ хаһан эрэ “Тулуйхан” студиятыгар дьарыктаныам” диэн саныыр этим.
Светлана Александровна, Егор Ильич Неустроевтар «Тулуйхан» лааҕырдарын Сааскылаахтааҕы филиаллара 9 сыл үлэлээн ааспыт. Саамай кэлиҥҥи лааҕырга, мин 1 кылаас үөрэнээччитэ, 2016 сыллаахха сылдьыбытым. Быйыл 10-с төгүлүн буоларын истэммин, олус үөрбүтүм уонна астынан тураммын дьарыктанным.
Светлана Александровна, Егор Ильич кылгас кэм иһигэр элбэх ырыа тылын үөрэтэр ньымаларын биһирээтим. Биирдэ өйдөөбүппүт ырыа тылын барытын билэр буолан хаалбыт эбиппит. Ону таһынан сценаҕа тутта-хапта сылдьарга, ырыа настарыанньатын дьоҥҥо тириэрдэргэ үөрэттилэр. Лааҕырбыт түмүктүүр үлэтин, дьыл түөрт кэмин хабар элбэх ырыалаах дьоро киэһэни дьоммутугар бэлэх оҥордубут.
Биһиги ыраах хоту Лаптевтар байҕалларын кытылыгар олоробут, айаммыт сыаната олус ыарахан. Киин сиргэ курдук, баҕардыбыт да айанныыр кыахпыт суох. Оттон ырыа кэрэ эйгэтигэр билиини-көрүүрү ылыахтарын баҕарар оҕо олус элбэх. Ол иһин Светлана Александровна, Егор Ильич Неустроевтары миэстэтигэр кэлэн үөрэтэллэрин олус күүтэбит уонна сыаналыыбыт.
Быйыл элбэх оҕо дьарыктанна. “Тулуйхан” ырыа лааҕырын Сааскылаахтааҕы филиала үлэлииригэр күүс-көмө буолбут салайааччыларбытыгар махтанабыт. Ырыа лааҕыра инникитин даҕаны биһиги балтыларбытын, бырааттарбытын хабан үлэлииригэр баҕарабыт.
Яна БОЯРСКАЯ, улуустааҕы гимназия VIII кылааһын үөрэнээччитэ,
Сааскылаах, Анаабыр.
***
Со второго класса я начала посещать кружок песни «Хор». У нас в гимназии давно действует ансамбль песни «Тэбэй», который уже известен за пределами улуса. Руководителем ансамбля является Саргылана Семеновна Туприна.
В 2006 году руководители студии “Тулуйхан” Светлана Александровна и Егор Ильич Неустроевы открыли филиал в Саскылахе. И почти все дети ансамбля «Тэбэй» записались в эту студию. Оказывается, мои родители тоже занимались в студии «Тулуйхан» в 2008, 2009 годы.
Я с большим удовольствием ходила на занятия Саргыланы Александровны и Егора Ильича. Конечно, было очень трудно сразу выучить столько песен на русском, якутском и эвенкийском языках. Но мы старались выучить слова, и у нас получилось. Как быстро и незаметно пролетели дни, когда мы занимались в студии «Тулуйхан». Завершающим моментом стал заключительный концерт. Какое восторженно-волнительное ощущение было для нас, и для родителей, и бабушек! Наши родители, бабушки за короткое время успели сшить нам костюмы, приготовить атрибуты. Спасибо большое им! Мне все понравилось на концерте: и наше выступление, и декорация, и видеоклипы детей, которые раньше выступали. Нам было очень интересно смотреть архивные записи.
У меня огромное желание еще раз заниматься в студии «Тулуйхан», поэтому хотелось бы, чтобы Светлана Александровна и Егор Ильич еще раз посетили наш далекий арктический Анабарский улус в следующем году.
Кюннэй БОРОНЦОЕВА, ученица IV класса Анабарской улусной гимназии,
Саскылах, Анабарский улус.