Мин ийэм Надежда Трофимовна Яковлева. Аан бастаан оскуолаҕа киириэн иннинэ, бу алаһа дьиэҕэ кэлбитим. Дьиэбит улахана, итиитэ, минньигэс толору астаах остуол турарын көрөн сөхпүтүм.
Ийэм күн сардаҥалыы ыраас санаалаах. Тута сыллаан — уураан ылбыта. Дьиэҕэ баар биэс эдьиийбин кытта билиһиннэрбитэ. Биир тылы булан кэпсэтэн барбыппыт. Ийэм элбэх сүөһүлээх, бары көмөлөһөбүт, сайын оҕуруот аһын олордобут, айылҕаҕа сылдьарбытын сөбүлүүбүт. Быйыл ийэбитигэр өссө 3 кыыс кэлбитэ бу биһиги балтыларбыт, онон үлэбит өссө элбээбитэ.
Ийэбит төһө да сылайдар биһиэхэ куруук эйэҕэс сыһыана үөрдэр. Үөрэхпитигэр араас тэрээһиннэргэ ситиһиилэннэхпитинэ бииргэ үөрэр. Киэһэ бары мустан ийэбитин кытта ас астыырбытыттан астынабыт, күлэ-үөрэ араас сикириэттэри кэпсэтэбит. Миигин иитэр, үтүө санаалаах, наһаа кыраһыабай ийэбэр таптыырыҥ, харыстыырыҥ иһин махтал тылы аныыбын.
Таня Синягина, 8 кылаас
«Эрэл» куруһуок чилиэнэ,
санаторнай оскуола,
Тиит — Эбэ, Хаҥалас улууһа