Дойду үрдунэн сэтинньи 4 күнүгэр Норуот сомоҕолоһуутун күнүн бэлиэтиибит. «Сатабыл» оҕо айымньытын дьиэтин иһинэн үлэлиир «Ситик» оҕо тэрилтэтин лидердара ыйытыктарга хоруйдаатылар.
1. Сомоҕолоһуу күнэ диэн тугуй?
2. Сомоҕолоһуу күнэ хаьан бэлиэтэнэрий?
3. Сомоҕолоһуу диэн тылы эн хайдах өйдүүгүн?
Настя СЛЕПЦОВА, 17 саастаах:
1. Сомоҕолоһуу күнэ диэн норуоттар түмсүүлэрин икки ардыларыгар эйэлээхтик, биир сомоҕо буолан олорорбутун бэлиэтиир күн.
2. Дойдубут үрдүнэн сэтинньи ый 4 күнүгэр бэлиэтэнэр.
3. Сомоҕолоһуу диэн тыл мин өйдүүрбүнэн араас норуоттар, омугуттан тутулуга суох, эйэлээх, түмсүүлээх олохторо.
Дархан ЕФРЕМОВ, 17 саастаах:
- Сомоҕолоһуу күнэ диэн мин санаабар дьон бары түмсүүлээх буолаллара, бары биир тэтимҥэ киирэн, биир сомоҕо буолуулара.
- Сомоҕолоһуу күнэ сэтинньи 4 күнүгэр буолар. Бары биир тэтимнээх буолуоххайыҥ.
- Саха сиригэр сомоҕолоһууну үрдүктүк тутабыт.
Алик ГРИГОРЬЕВ, 17 саастаах:
- Норуоттар сомоҕолоһон түмсэр күннэрэ.
- Сомоҕолоһуу күнэ сэтинньи 4 күнүгэр бэлиэтэнэр.
- Сомоҕолоһуу диэн тылы биир буолуу диэн өйдүүбүн.
Cеня ВАСИЛЬЕВ, 17 саастаах:
- Сомоҕолоһуу күнэ диэн бары тэҥҥэ бииргэ мустар күммүт.
- Сэтинньи 4 чыыһылатыгар Сомоҕолоһуу күнэ буолар.
- Мин өйдүүрбүнэн Сомоҕолоһуу күнэ бу күҥҥэ бары бииргэ түмсэллэригэр диэн.
Маша ТОЛСТЯКОВА, 17 саастаах:
1. Мин санаабар Cомоҕолоһуу күнэ диэн бары бииргэ буолуубут, дьону кытары алтыһан, эйэлээх буолуу күнэ.
2. Сэтинньи 4 күнүгэр бэлиэтэнэр.
3. Сомоҕолоһуу диэн мин өйдөбүлбүнэн бары биир санаалаах буолуубут, бары бииргэбит.
Афоня КАНАЕВ, 15 саастаах:
- Сомоҕолоһуу диэн норуоттар алтыһыылара.
- Сэтинньи 4 күнүгэр бэлиэтэнэр.
- Сомоҕолоһуу диэн мин саныахпар норуоттар бииргэ буолуулара, түмсүүлэрэ, эйэлээх буолуулара.
«Сатабыл» оҕо айымньытын дьиэтин пресс-киинэ.